Бүгүн модун Арассыыйа судаарыстыбаннай былааҕын күнэ. Ураты суолталаах күн Л.В. Киренскэй аатынан искибиэргэ Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Судаарыстыбаннай былаахха анаммыт миитин буолла.
Судаарыстыбаннай былаах күнэ 1994 с. атырдьах ыйын 20 күнүгэр олохтоммута. Дойдубут былааҕын үс араас өҥө туспа суолталаах. Ол курдук маҥан – ыраас санааны, халлаан күөҕэ – чиэһинэй уонна эрэллээх буолууну, кыһыл өҥ – хорсун, эрдээх санааны, итиэннэ Аҕа дойду иһин тохтубут хааны дьүһүйэллэр. Бэлиэ күҥҥэ эҕэрдэ тылы улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Василий Бураев, уопсастыбаннай Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Степан Бурнашев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Софья Александрова эттилэр. Үөрүүлээх бэлиэ күнү Владимир Дедюкин ырыанан киэргэттэ. Түмүккэ миитин кыттыылаахтара өрөспүүбүлүкэтээҕи флешмобка кыттыыны ыллылар.
«Арассыыйа былааҕын күнүн бэлиэтээһин биһиги үтүө үгэспит буолар. Аммаҕа бу бэлиэ күҥҥэ аналлаах миитин сылын аайы буолар. Манна нэһилиэк олохтоохторо, тэрилтэ туох баар салайааччылара, полициялар кэлэннэр бииргэ түмсэн кыттыыны ылаллар. Ол иһин маннык түмсүү билигин улахан суолталаах» , — диэн этэр улуус дьаһалтатын социальнай уонна ыччат бэлиитикэтигэр отделын начальнига Саргылана Неустроева.
Артем ОСИПОВ