Аммаҕа эдэр олоҥхоһуттар күөн көрүстүлэр

Аммаҕа Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, аны сайын өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа ыытылларынан үөрэх салалтатын көҕүлээһининэн эдэр олоҥхоһуттар улуустааҕы күөн күрэстэрэ ыытылынна. Манна 11 уһуйаантан уонна 9 оскуолаттан барыта 67 биирдиилээн эдэр олоҥхоһут кытынна.

Аммаҕа эрдэттэн былааннаммыт эдэр олоҥхоһуттар күрэстэрэ тымныйыы ыарыытын сэрэтэр, хааччахтыыр миэрэлэринэн тэйиччиттэн буолла. Тэрээһин бэрэссэдээтэлинэн «Олоҥхо» улуустааҕы ассоциация салайааччыта, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова кэскиллээх тэрээһиҥҥэ улахан болҕомтотун ууран үлэлээтэ, кыайыылаахтар бириистэри туталларыгар улахан көмө буолла. Үүнэр көлүөнэни норуот тылынан уус-уран айымньытыгар олоҥхоҕо сыһыарар, тыл баайыгар уһуйар, толоруу маастарыстыбатын сайыннарар күрэһи П.А.Ойуунускай аатынан саха академическай тыйаатыра (дириэктэр Петр Макаров) өйөөн бэйэтин бириистэрин анаан-минээн туруорда. Дьүүллүүр сүбэҕэ идэлээх дьон улуус култуураҕа уонна норуот айымньытыгар салалтатын фольклорга исписэлииһэ, Мэңэ — Хаҥалас улууһун Г.Г. Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин көҕүлээһининэн норуоттар икки ардыларыгар ыытыллыбыт олоҥхону олоҕурбут ньыманан толорууга бастакы бэстибээл кыайыылааҕа, «Саха» НКИХ ханаалга буолбут «Олоҥхо-баттл» күрэс «Көрөөччү биһирэбилин» ылбыт Анна Кириллина, «Айыы дьиэтин» салайааччыта, алгысчыт Василий Кочаткин, А.А.Черемных аатынан оҕо искусствотын оскуолатын фольклорга уһуйааччыта Татьяна Томская хас биирдии кыттааччыны болҕомтолоохтук көрөн-истэн  сыаналаатылар. Биирдиилээн толорооччулар Платон Ойуунускай «Дьурулуйар Ньургун Боотур», Сергей Васильев «Эрчимэн Бэргэн», Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр «Күөнэ Көҕөччөр ааттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр»,  Николай Степанов-Ноорой «Күн Эрили», биир дойдулаахтарбыт Тимофей Захаров-Чээбий «Ала Булкун», Устин Нохсоороп «Сылгы уола Дыырай Бэргэн, Екатерина Иванова Аландаайы-Куландаайы бухатыыр, Күннүк Уурастыырап «Нуоҕалдьына кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма», Юрий Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр», «Көмүскэс санаалаах күн айыы киһитэ Кэскил Бухатыыр» онтон да олоҥхолортон быһа тардыылары толордулар.

Нюргуяна Илларионова, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, «Олоҥхо» улуустааҕы ассоциация салайааччыта, күрэс бэрэссэдээтэлэ: «Улууспутугар олоҥхо декадата элбэх сонун тэрээһиннээх, үгүс эйгэни хабан ыытылынна. Култуура, үөрэх, успуорт, тыа хаһаайыстыбата, бэтэрээннэр сэбиэттэрэ, тимир уустарын түмсүүтэ, уопсастыбаннай холбоһуктар, улуус уонна нэһилиэктэр дьаһалталара бары кыттыыны ыллылар. Олоҥхо Ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн олоҥхону толорууга, туруорууга күрэстэр үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар. Аммалар айыы бухатыырдарбытын Ала Булкуну, Дыырай Бэргэни, Аландаайы-Куландаайыны, Алтан Сабарайы, Баабый бухатыыры, Тойон Дьаҕарыманы бу күннэргэ оҕолуун-кырдьаҕастыын уостан түһэрбэккэ толордулар, көрөөччүлэр-истээччилэр кинилэр сырыыларын сөхтүбүт, үтүө холобур оҥоһуннубут. Улууспутугар декадабыт биир да күнэ олоҥхо тэрээһинэ суох ааспатаҕа биһигини үөрдэр уонна салгыы бу тэтими ыһыктыбакка Олоҥхо Ыһыаҕар бэлэмнэниини өссө  күүһүрдүөххэ диэн ыҥырабын».

Моника Малыкайцева, үөрэх салалтатын иитэр үлэҕэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ салаа сэбиэдиссэйэ: «Олоҥхо —  норуот тылынан уус-уран айымньытын муҥутуур чыпчаала диэн мээнэҕэ этиллибэтэх өбүгэ саҕаттан кэлбит аман өспүт буолар. Амма улууһа былыр- былыргыттан уутуйан үөскээбит олоҥхоһуттара, норуот ырыаһыттара олорон  ааспыт сирдэрэ буолар. Ол курдук, Мэлэх Мэхээлэ, Тимофей Захаров-Чээбий, Екатерина Иванова, Устин Нохсоороп курдук  Саха сиригэр тарбахха баттанар олоҥхоһуттар ааттарын куруук киэн тутта ааттыыбыт, бар дьоҥҥо, үүнэр ыччаппытыгар кэпсиибит. Онон бу чулуу дьоммут  суолларын тэлэн оҕо аймахха ыытыллыбыт күрэс олоҥхо тыыннаах хааларыгар төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбин. Күрэскэ бары ох курдук оҥостон, тэринэн, таҥнан, киэргэнэн-симэнэн кытыннылар. Ким уран, баай тыллаах, уһун тыыннаах, үчүгэй дьарыктаах бастыҥ  олоҥхоһут аатын ылла».

Анна Кириллина, улуус култуураҕа уонна норуот айымньытыгар салалтатын фольклорга исписэлииһэ: «Күрэскэ элбэх кыттааччы баара үөрдэр. Уһуйааччылар үлэ бөҕөтүн көрсүбүттэр, үөрэппиттэр эбит диэн астынным. Эдэр олоҥхоһуттар инники өттүгэр репертуардарын уларытан, байытан иһэллэрэ наада. Эдэр толорооччулар тыл суолтатын өйдүү үөрэннэхтэринэ тыллар бэйэ-бэйэлэриттэн сиэттиһэн тахсан иһиэхтэрэ. Ырыа матыыбыгар, таба тыыныыга болҕомто ууруохха, «дьиэ-буо» биир ситиминэн, тыынынан ылланарын сатыахха, үөрэниэххэ наада. Кылыһахха эмиэ анаан үлэлэһиэххэ. Оҕону наһаа элбэх тылы күһэйэн үөрэтии эмиэ табыллыбат. Ылынар кэмнэринэн кэрчиктэринэн үөртэр ордук. Олоҥхобут ыһыаҕар бу курдук оҕо, улахан да дьон ылсан үлэлэһэ сылдьаллара элбэҕи эрэннэрэр уонна кынаттыыр. Салайааччылар өссө даҕаны элбэҕи билэн-көрөн иһиэхтэрэ диэн эрэнэбин».

 

Түмүк маннык буолла:

Уһуйаан саастаахтарга:

1 үрдэл-Ноговицына Ильяна Ай-Куо, «Чуораанчык» уһуйаан, Эмис (сал. Новгородова М.Ю., Ноговицына И.И.)

2 үрдэл- Неустроев Миша «Чуораанчык» уһуйаан, Эмис (сал. Новгородова М.Ю., Ноговицына И.И.)

3 үрдэл –Кузьмина Сайнаара, «Чэчир» ОСК, Соморсун (сал. Лебедева М.П.)

1 үктэл-Артемьева Лиза «Сардаана» ОСК, Амма (сал. Тимофеева А.В., Захарова Л.М.)

2 үктэл-Шамшиева Ясмина «Хатынчаана» уһуйаан, Амма (сал. Шамшиева А.П.)

3 үктэл- Романова Мира «Дуораанчык» уһуйаан, Амма Наахара (сал. Мартынова Т.З).

Алын сүһүөх кылаастарга:

1 үрдэл- Татаринова Айна, Бөтүҥ ОО, 3 кылаас (сал. Дьяконова М.К.);

2 үрдэл-Павлова Маша, Бөтүҥ ОО, 3 кылаас (сал. Дьяконова М.К.);

3 үрдэл – Устинова Ньургуйаана, Эмис ОО, 4 кылаас (сал. Владимирова М.И.);

1 үктэл- Никонова Катя Амма 1№-дээх ОО, 1 кылаас (сал. Федорова Е.Н.);

2 үктэл-Васильев Айгылаан, Сатаҕай ОО, 2 кылаас (сал. Артемьева Е.В, Скрябина Х.Е.);

3 үктэл- Никитин Даниэль, Амма Наахара ОО, 3 кылаас (сал. Мартынова Т.З).

Орто уонна улахан сүһүөх кылаастарга:

1 үрдэл-Дьяконова Надя, лиссиэй, 9 кылаас (сал. Кириллина А.М.);

2 үрдэл-Карманова Кристина, Абаҕа ОО, 10 кылаас (сал. Адамова М.И.);

3 үрдэл –Васильев Сандал, Айар, сайдар киин, 9 кылаас (сал. Харитонова С.В.);

1 үктэл-Михайлов Сандал, Амма Наахара ОО, 7 кылаас (сал. Мартынова Т.З);

2 үктэл-Новиков Айуол, Чакыр ОО, 5 кылаас (сал. Новикова С.Н.);

3 үктэл- Александрова Арина, Амма Наахара ОО, 5 кылаас (сал. Мартынова Т.З).

Маны таһынан анал ааттар хаһаайыттарынан буоллулар:

«Кэскиллээх толорооччу» — Пахомов Ганя, Амма Наахараттан «Дуораанчык» уһуйаан (сал. Мартынова Т.З.) уонна Новиков Айуол II Чакыр ОО , 5 кылаас (сал.Новикова С.Н.);

«Сэһэн сүнньүн тутар толорооччу» – Никонова Катя, Амма 1№-дээх ОО, 1 кылаас (сал. Федорова Е.Н.);

«Хомоҕой тыллаах толорооччу» –Васильев Айгылаан, Сатаҕай ОО, 2 кылаас (сал. Артемьева Е.В., Скрябина Х.Е.)

«Түөлбэ үгэһин утумнааччы» – Алексеев Кирилл, II Чакыр ОО, 11 кылаас  (сал. Афанасьева Т.С.)

«Бастыҥ салайааччы» –Дьяконова Марта Константиновна, Бөтүҥ ОО  алын сүһүөх кылаас учуутала.

Алтана АРТЕМЬЕВА.

Читайте дальше