Аммаҕа көмүскэнэр сиэккэ өрүүтүгэр 30 тахса тэрилтэ кыттыһар

Римма Алексеева салайааччылаах “Амарах сүрэх” уопсастыбаннай хамсааһын байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөһөр үлэтин күүстээхтик ыыппыта сылтан орто. Араас аахсыйалары, субуотунньуктары тэрийэн ас-үөл хомуйан, таҥас-сап тигэн баһыылкалаан утаара олорор. Онтон бу нэдиэлэ устата “Амарах сүрэхтэргэ” Амма нэһилиэгин тэрилтэлэрэ кыттыһаннар хаххалыыр сеткалары баайыыга көмөлөһөн саҕалаатылар.

Тэрилтэлэри көмөҕө таһаарарга улуус баһылыгын маҥнайгы солбуйааччыта Василий Бураев дьаһалынан график оҥоһуллан турар. Абыраллаах аахсыйаҕа барыта холбоон отуттан тахса тэрилтэ кыттыаҕа. Бэҕэһээ бастакы күн “Сардаана”, “Радуга”, “Хатыҥчаана”, “Кэнчээри” уһуйаан, Ф.Потапов аатынан култуура киинин уонна улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ сеткалары баайбыттара. Бүгүн үтүө бачыымы өйөөн эмиэ үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ таҕыстылар.

 

Ханнык баҕарар тэрээһин үүннүүр-тэһиинниир түс дьонноох буолар. Бу аахсыйаны иилии-саҕалыы сылдьар “Амарах сүрэх” көхтөөх волонтердара Марина Кулеваттан уонна Анна Александроваттан санааларын сурастыбыт. Марина Викторовна өрөөн олорбута диэн суох, күн аайы кэлэн сетка бөрөөн күнүн атаарарын эттэ: “Мин уолум байыаннай дьайыыга сылдьар, ол иһин көмөлөһүөхтээхпин диэн күн аайы кэлэбин. Үлэлээтэхпитинэ табыллар, ханан эрэ уолаттарбытын быыһыырга кылааппытын киллэр буоллахпыт. Билигин, аахсыйа биллэриллэн, дьон элбээтэ. Бу иннинэ үһүө-төрдүө эрэ буолааччыбыт. Кэлэн көмөлөһөр дьоҥҥо сетканы хайдах баайары көрдөрөн, быһааран биэрэбит. Бу нэдиэлэҕэ элбэх сетканы бэлэмниир санаалаахпыт”.

“Оҕолорбутун көмүскүө, харыстыа”, — диэн бүк эрэллээх сетка баайыытыгар хара маҥнайгыттан илиитин араарбакка үлэлиир Анна Устиновна:Римма Алексеева салалтатынан “Амарах сүрэх” хамсааһын таһаарыылаахтык үлэлии сыдьабыт. Мин хамсааһыҥҥа ааспыт сыл сайыныттан кыттыспытым. Үлэлээбиппит былаһын тухары 150-ча сетканы оҥорон ыыттыбыт. Аахсыйанан эрэ буолбакка, тус баҕаларынан көмөлөһөр дьон олус элбэх, нэһилиэктэр да, түөлбэлэр да туора турбаттар«.

Ити курдук, Амма тэрилтэлэрэ “Амарах сүрэх” аахсыйатыгар хото кыттыһаннар, бу нэдиэлэ устата бэйэлэрин кылааттарын киллэриэхтэрэ. Анна Устиновна этэринэн, тохсунньу ый бүтүүтэ байыаннай дьайыыга баһыылка ыытыахтаахтар, онон төһө кыалларынан элбэх сетканы баайар соруктаахтар.

Олег Егоров.

Читайте дальше