Аммаҕа ыытыллар олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии хаамыытын туһунан хайысхаларынан анаммыт хамыыһыйалар улуус баһылыгар Степан Кузьмиҥҥа отчуоттаатылар. Улахан тэрээһини тэрийэр чиэс улууска отут биэс сылга биирдэ эрэ бэриллэр. Онон, уостан түспэт курдук дьоһуннук оҥорор, өргө диэри өйдүү-саныы сылдьалларын гына умнуллубаттык ыытар сорук турар.
Хамыыһыйалар үс чаас устата элбэҕи эргитэ сылдьан ырытыстылар. Сүрүннэригэр тохтоон ааһыах.
Аны сахалыы таҥастаах мунньахтыахтара
Мунньахха “Кииннэммит бухгалтерия” салайааччыта Роман Алексеевка дьон хараҕа хам хатанна. Кини мунньахха суос соҕотох сахалыы таҥастаах кэлбитин улуус баһылыга биһирээн бэлиэтээтэ: “Роман Алекандровичтан холобурда ылыаҕыҥ. Олоҥхо мунньаҕар мантан инньэ сахалыы таҥаһы кэтиэҕиҥ”, — диэн ыҥырда.
Олоҥхо ыһыаҕын бастакы тэрээһинэ – кулун тутарга буолуоҕа
Үгэс курдук, хас биирдии олоҥхо ыһыаҕын иннинэ научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолар. Манна олоҥхо, сиэр-туом, үгэс туһунан киэҥ киэлилээх кэпсэтии тахсар. Аммаҕа кулун тутар 20-21 күннэригэр ыытыллыаҕа. Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова Амматааҕы кэмпириэнсийэ ураты ис хоһоонноох буолуоҕа диэн эттэ: “Бу иннинэ ыытыллыбыт кэмпириэнсийэлэргэ олоҥхону хайдах сайыннарар туһунан кэпсэтэн кэлбиттэрэ,быйыл биһиэхэ — олоҥхо сүүрбэ сыл иһигэр тахсыбыт таһымын ырытыһар, түмүк оҥорор хабааннаах буолуоҕа”.
Кэмпириэнсийэҕэ ыһыахтан итэҕэһэ суох элбэх ыалдьыты кэтэһэбит диэн культура управлениетын салайааччы Иван Иванов сабаҕалыыр: “Төһө ыалдьыт кэлэрин эбии үөрэтэн көрдөхпүтүнэ сатанар. Манна туох баар историктар, кыраайы үөрэтээччилэр, ырыаһытар, учууталлар, уустар о.д.а. бары кэлиэхтэрэ. Кэмпириэнсийэни ыытарга туһунан хамыыһыйа тэрийэн бэлэмнэниэхтээхпит”.
Нюргуянаа Ивановна этэринэн, кэмпириэнсийэ кэнниттэн эдэр олоҥхоһут Юрий Борисов хас биирдии нэһилиэккэ сылдьан олоҥхо истиитин ыытыаҕа.
Алгысчыттары анаатылар
Ыһыах улахан алгыһын толорор үс киһини таллылар. Сүрүн алгысчыт Василий Кочаткин буолуоҕа, киниэхэ Владимир Тимофеев уонна Петр Неустроев кынат буолуохтара.
Алгыһы, сиэри-туому оҥорууга Иван Федорович элбэх дьонтон сүбэлэппиттэрин, сиэр-туом өттүн токкоолоһон сураспыттарын этэн туран: “Алгыһы олохтоох киһи оҥоруохтаах. Хас биирдии алгысчыт тоҕус уол, аҕыс кыыс арыалдьыттаныахтаах. Ити бэйэтэ 50-ча киһи. Бу оҕолор ханнык да киргэ-хоххо сыстыбатах, ып-ыраас буолуохтаахтар. Арыалдьыттары эрдэттэн сүүмэрдээн, үөрэтэн, туруккка киллэрэр туһугар лааҕыр тэрийэн бэлэмнээтэхпитинэ табыллар”.
Эмблеманы дьүүллэстилэр
Олоҥхо ыһыаҕын эмблематыгар икки барыйааны сыымайдаатылар. Ааптардар иккиэн Амматтан төрүттээхтэр — “Алта” кинигэ кыһатын салайааччы Зинаида Архипова уонна Дьокуускайдааҕы художественнай колледж преподавателэ Александра Неустроева. Неустроева оҥорбут эмблемата ис хоһоон, суолта өттүнэн баай буолан баран үөһээ бүлүүлэр киэннэригэр майгынныырын бэлиэтээтилэр. Түмүккэ хамыыһыйа дьонун улахан аҥара Зинаида Архипова киэнин ордордулар, эрээри эбии чочуйан биэрэн бу ый бүтүүтэ киэҥ араҥаҕа таһаарыах буоллулар.
Маны таһынан хамыыһыйа чилиэттэрэ тутуу, суол-иис, сибээс, уот-күөс боппуруостарын быһаарыстылар. Степан Николаевич ситэтэ суох өттүгэр хамыыһыйа салайааччылара ыкса ылсалларыгар ыҥыран туран аныгыскы мунньахха хамыыһыйалар ханнык, туох үлэни ыыппыттарын туһунан чопчу хоруйдаах кэлэллэригэр модьуйда.
Олег Егоров.