Саха тылын, суругун-бичигин күнэ Амма оройуонугар олус киэҥник бэлиэтэннэ. Олохтоохтору саамай сомоҕолообут тэрээһининэн дьыктаан суруйуута буолла.
Быйыл аммалар биир дойдулаахтара, норуодунай суруйааччы Миитэрэй Наумов «Күөх уол» кэпсээнин «Көҕөччөр ат туһунан номох» түһүмэҕиттэн быһа тардыыны истэн суруйдулар. Дьыктаан балаһааккалара хас нэһилиэк ахсын үлэлээтилэр, аҥардас Амматааҕы киин бибилэтиэкэҕэ баҕалаах элбэҕинэн үс төгүллээн ыытылынна. Онон улуус үрдүнэн уопсайа 920 киһи уу сахалыы тиэкиһи суруйууга холоннулар. Бу көрдөрүү — өрөспүүбүлүкэҕэ холобур буолар сыыппара. Ол аата сахалыы тылы, саҥаны тарҕатааччы сыллата элбээн иһэрин туоһута буоллаҕа.
-Мин уруккуттан дьыктааҥҥа кыттыахпын баҕарар этим эрээри, араас биричиинэнэн кыаллыбат этэ. Быйыл дьэ баҕа санаабын толордум. Суруйуу чаастарын араас-араас кэмнэргэ туруорбуттара табыгастаах эбит, ким хаска иллэҥ кэмнээҕинэн баран кыттар кыаҕа улаатар. Тиэкис туһунан этэр буоллахха, ыарырҕаппатым, арай сурук бэлиэлэригэр сыыспыт буолуохпун сөп. Миитэрэй Наумов тыа дьонун, күннээҕи олохторун туһунан суруйар буолан тыллара өйдөнүмтүөлэр, дьыктааны ааҕааччы саҥата чуолкай буолан үчүгэй,- диэн социальнай пуонда исписэлииһэ Мария Харитонова санаатын үллэстэр.
«Амма олоҕо» хаһыат.