Хойуу учаастагын киэҥ хочотугар олохтоммут сахалыы тыыннаах балаҕан Далбар Хотуна – улууска биллэр урбаанньыт Ия Григорьева. “Кустук” сынньанар сир кыһыны-сайыны эргиччи ыалдьыттары көрсөр биир уратылаах.
Амма сэлиэнньэтиттэн 3 килэмиэтирдээх сиргэ Ия Ивановна балаҕан туттан олохсуйбута 6 сыл буолла. Быйыл оҕолорун көмөлөрүнэн администратор олорор дьиэтин, гараж, баанньык туттан көрүөхтэн кэрэ сиргэ сынньаныан баҕалаахтары көрсөргө бэлэм буолла. Балаҕан дьиэ сылы эргиччи үлэлиэ, 6-10 киһини батарар кыахтаах.
Бэҕэһээ Амма туризмы сайыннарыыга өссө биир хардыы оҥоһуллубутун бэлиэтээн “Кустук” сынньалаҥ базатын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы буолла. Манна ыҥырыылаах ыалдьыттарынан улуус баһылыгын солбуйааччы Василий Бураев, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов, Амма нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Альберт Яковлев, “Мин биисинэһим” Киин Амма улууһугар салайааччы Александра Николаева, кииннэммит бухгалтерия салайааччыта Роман Алексеев буоллулар.
—Туризм эйгэтигэр маҥнайгы хардыыбын оҥордум, саҕалааһын баар. Инникитин өссө 3 сайыҥҥы дьиэ туттар, балаҕаммар толору хааччыллыы оҥотторор киэҥ былааннаахпын. Үлэлиэн баҕалаах киһиэхэ үлэ элбэх,— диэн сатабыллаах хаһаайка Ия Григорьева үөрүүтүн, былааннарын үллэстэр.
Балаҕан үөрүүлээх аһыллыытыгар алгысчыт Василий Кочаткин Үрдүк Айыылартан көрдөһөспүт тыллара туоланнар, сынньанар база кэҥии, хаҥыы турдун, улууска туризм сайдыытыгар кылаатын киллэрдин.
“Амма олоҕо” хаһыат.