Аммаҕа үөрэх үлэһиттэрин олунньутааҕы сүбэ мунньахтарын иитинэн дьиэ кэргэн бигэ туруктаах уонна төрөппүт оҕо иитиитигэр эппиэтинэстээх буолуутугар анаммыт «Төгүрүк остуолга» оскуолалар, уһуйааннар салайааччылара, педагогтар, учууталлар, иитээччилэр уонна төрөппүттэр кытыннылар уонна улууспут дойду бырайыагынан үлэлииргэ быһаарыныы ылынна.
«Эппиэтинэстээх төрөппүт оскуолата» 2018 сылтан саҕаламмыт дойду бырайыагын улууска киллэрэр туһунан ыытыллыбыт сүбэ мунньаҕы улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова «Төрөппүт эппиэтинэстээх уонна дьиэ кэргэн туруктаах буолуутугар тэрилтэлэр оруолларын» туһунан дакылаатынан саҕалаата. Кини аҕыйах хонуктааҕыта Саха сирин үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ, ону тэҥэ ыйыллыбыт тиэмэҕэ сокуону Сүрүннүүр Сэбиэт Чурапчыга ыыппыт кэллиэгийэтигэр кыттыбытын, туох кэпсэтии тахсыбытын иһитиннэрдэ, улууска ыытыллыахтаах үлэ соруктарын туруорда. Салгыы «Эппиэтинэстээх төрөппүт оскуолатын» бырайыагынан үлэлии олорор Болугур орто оскуолатын социальнай педагога Светлана Кононова үлэ уопутун билиһиннэрдэ. «Чороон XXI үйэ» тэрилтэ салайааччыта, урбаанньыт Софья Попова «Дьиэ кэргэн уйуктаах олоҕун түстээһин» туһунан бэйэтин санааларын үллэһиннэ. Кэпсэтиигэ Амма 1 № -дээх орто оскуолатын төрөппүттэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петр Табунанов оскуолаҕа ыытыллар үлэни уонна төрөппүт көҕүлээһинин Гранынан өйүүр холобурдарын билиһиннэрдэ. Оҕо успуордун оскуолатын үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччы Виктория Владимирова эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ төрөппүтү кытта үлэлэрин, инники өттүгэр тэрилтэлэр бары бииргэ ситимнээхтик үлэлииллэригэр, оҕо аймаҕы бары өттүнэн сайыннарарга баҕа санааларын эттэ. Лиссиэй төрөппүтүн Cэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаянэ Петрова оҕону кэрэ эйгэтигэр иитиигэ туһуламмыт «Пушкин картатын« хайдах туһанар туһунан сүбэлэрин биэрдэ. Чакыр оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы, психолог Фатима Орестова дьиэ кэргэн харысхаллаах буолуутугар санааларын үллэһиннэ. Түмүккэ үөрэх салалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ Алтана Артемьева кэпсэтиигэ этиллибит санааларынан уонна киирбит этиилэринэн сүбэ мунньах уураахтарын билиһиннэрдэ. Ол курдук мунньах кыттыылаахтара улууска «Эппиэтинэстээх төрөппүт оскуолата» бырайыагынан дьиэ кэргэнтэн саҕалаан уһуйаан, оскуола, нэһилиэк бары бииргэ үлэлииргэ диэн быһаарыныыны ылыннылар. Бу үлэни улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова, нэһилиэктэргэ баһылыгы солбуйааччылар сүрүннүөхтэрэ.
«Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кыттан оҕо иитиилээх, бэрээдэктээх, үөрэхтээх, сайдыылаах, ситиһиилээх киһи буолан тахсарыгар аан бастакынан төрөппүт бэйэтэ эппиэтинэһи сүгэрин туһунан киэҥ ыҥырыылаах сүбэ мунньах буолла. Онон оҕону киһи гынарга төрөппүт сүрүн күүс, оттон уһуйаан, оскуола көмө буолалларын ийэлэргэ, аҕаларга өйдөтүөхтээхпит, ол туһугар улахан үлэни ыытыахтаахпыт. Ыал, уһуйаан, оскуола, нэһилиэк бары бииргэ биир сүбэнэн ситимнээхтик үлэлээтэхпитинэ оҕолорбут кэскиллэрэ өссө кэҥээн иһиэҕэ», — диэн төрөппүттэр улуустааҕы сэбиэттэрин салайааччы Ньургуйаана Михайлова санаатын үллэһиннэ.
Алтана АРТЕМЬЕВА