Аммалар ас-үөл дьаарбаҥкатыгар

Өрөспүүбүлүкэтээҕи күһүҥҥү ас-үөл дьаарбаҥката дьон-сэргэ күүтэр тэрээһинэ буолан куруутун да үгүс дьону түмэр. Быйылгы дьаарбаҥкаҕа Амматтан “Мэҥкэр” бааһынай хаһаайыстыба, “Амма полуфабрикаттара”, “Амма” СППК киирэн кытыннылар.
“Бородууксуйабыт үчүгэйдик баран иһэр. Атыыга бэйэбит мүөппүтүн, кус, индюк эттэрин аҕаллыбыт. Быйыл мүөппүтүн араас упаковкалаан, дьон атыылаһарыгар табыгастаах гынныбыт”, — диэн “Мэҥкэр” бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Тимофей Григорьев этэр.
Астыыр-үөллүүр уонна соҕотуопкалыыр “Амма” кэпэрэтиип сыырын, үүт бородууксуйатын уонна сибиэһэй эт аҕалан Дьокуускай куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар тарта. Ньыгыл эт 650 солк, онтон уҥуохтаах эт туспа набор гынан оҥоһуллан 450 солк атыыланан дьон бэрт хамаҕатык атыылаһар. “Амма полуфабрикаттара” эмиэ бэйэлэрин оҥоһуктарын аҕалан атыыга туруорбуттарын кэлбит дьон сэргиир.

«Дьаарбаҥка түмүгүнэн «Амма» СППК оҥорор морса бастакы степеннээх дипломунан наҕараадаланна. Быйыл тэрээһин олох атыннык баран элбэх хаһаайыстыбаларбыт, агрооскуолаларбыт кыттыбатылар. 10 күн да устата ыытыллара кыттааччыларга сылаалаах соҕус диэххэ наада. Аны турар миэстэ иһин урут төлөбүрэ суох эбит буоллаҕына, бу сырыыга төлөбүрдээх буолла. Ол да буоллар кыттыбыт тэрилтэлэрбит ситиһиилээхтик кытыннылар, бородууксуйаларын дьон хото атыыластылар. Дьаарбаҥка бүтүүтэ ат сүүрдүүтүгэр биһиги улуустан «Давидофф» ХЭТ уонна Строд аатынан хаһаайыстыба сүүрүк аттара кыттыыны ылаллар», — диэн Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов сырдатар.