Амма улууһугар «Саха сирин коммерческайа суох тэрилтэлэрэ — иннин диэки бары бииргэ» диэн уопсастыбаннай десант үлэлээтэ. Сылдьыбыт дьон тэрээһинтэн элбэҕи биллилэр, Граннарга үлэлэһэргэ үгүс сүбэни-аманы ыллылар.
Балаҕан ыйын 4 күнүгэр десант чэрчитинэн семинардар, айар маастар-кылаастар, итиэннэ уйулҕа көмөлөрө ыытылыннылар. Бэлиэтээн аһардахха уопсастыбаннай десант Ил Дархан Айсен Николаев Гражданскай уопсастыбаны сайыннарар Гранын кыайбыт общественнай тэрилтэлэр көҕүлээһинэринэн ыытыллар. Бу туһунан сиһилии СӨ ыччат уонна социальнай коммуникация Министиэристибэтин гражданскай уопсастыбаны кытта үлэҕэ отделын кылаабынай исписэлииһэ, десант салайааччыта Сардана Верховская санаатын үллэһиннэ:
-Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн ыытыллар десаны СӨ ыччат дьыалаларын уонна социальнай коммуникация министерствотын тэрийэн ыытар. Десант бу иннинэ Кэбээйигэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Сунтаарга, Ньурбаҕа ыытыллыбыттара. Биһиги делегациябыт Уус-Майанан, Соморсунунан эргийэн күн бүгүн Аммаҕа үлэлии-хамсыы кэллибит. Биһиги сүрүн сыалбытынан өрөспүүбүлүкэни барытын хбан туран 400-чэкэ социальнай хайысхалаах бырайыактары олоххо киллэрии буолар. Семинардарбытыгар аҥардас Ил Дархан Граннарын кыахтарын тустарынан эрэ буолбакка, федеральнай таһымнаах бырйыактар тустарынан эмиэ үөрэтэбит. Бу десаммытыгар улахан болҕомтону тыа хаһаайыстыбатыгар, урбааҥҥа уонна социальнай контрактарга ууруохпут, сиһилии сырдатыахпыт.
Норуот маастара Александр Апросимов ыыппыт маастар-кылааһын кыттыылааҕа, Амматааҕы кииннэммит бухгалтерия кылаабынай буҕаалтырын солбуйааччыта Мария Солдатоваттан бүгүҥҥү тэрээһин туһунан санааын үллэстэригэр көрдөстүбүт:
— Амматааҕы Ф.Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр десант чэрчитинэн норуот маастара Александр Апросимов тэрийэн ыыппыт маастар-кылааһыгар сылдьан элбэх саҥаны биллим. Манна Амма талаҕыттан икки чаас иһигэр корзина оҥорорго аан бастаан үөрэнним. Кини саҥа талаҕынан оҥорон саҕалааччылары олус интэриэһинэйдик үөрэттэ. Үөрэннэххэ, киһи сатыан, оҥоруон сөп эбит дии санаатым. Маннык араас сатабылы нэһилиэнньэҕэ тарҕатан бэйэ оҥорон таһааран эбии дохуот аахсарга көҕүлүүр тэрийээччилэргэ, норуот маастара сиһилии ымпыктаан-чымпыктаан үөрэппитигэр дириҥник махтанабын.
Оттон СӨ «Туризмы сайыннарыы уонна территориальнай маркетинг» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Дмитрий Громов сиэксийэтин кыттыылааҕа, Амматааҕы гражданскай сэрии устуоруйатын түмэлин исписэлииһэ Вера Шилова санаатын маннык үллэстэр:
-Олус үчүгэй тэрээһиҥҥэ сырыттым. Уопсастыбаннай десаҥҥа сэргэх уонна туһалаах кэпсэтии ааста. Түмэл үлэһитэ буоларым быһыытынан туризм эйгэтэ сайдар туругун туһунан сиэксийэҕэ кытынным. Дмитрий Анатольевич киһини таах истээччи эрэ курдук көрбөккө, сөптөөх билиини, өйдөбүлү ыларга бииргэ толкуйдатта. Биэрбит иһитиннэриитин бигэргэтэр курдук Анатолий уонна Александра Кардашевскайдар «4 кэм» диэн ааттаах турбазаларын үлэтин туһунан слайданан көрдөттөрөн кэпсэттэрдэ. Олоххо киирбит, үлэлии турар бырайыак истээччилэр болҕомтолорун сүрдээҕин тарта, элбэх ыйытыктары үөскэттэ. Туризм ханнык баҕарар хайысхатыгар түмэл суолтата баара көһүннэ. Амма улууһа ити хайысханы толору тутта илик. Онно кэккэ харгыстаах түбэлтэлэр элбэхтэр. Уопсастыбаннай десант семинарыгар сылдьан түмэл үлэтигэр саҥа сүүрээннэри киллэриэххэ сөп эбит дии санаатым. Ону таһынан туризм маршруттарыгар историческай, кыраайы үөрэтэр сирдэри, эбийиэктэри, түмэллэри киллэрэн туһанар туһунан туспа сүбэ мунньаҕы тэрийэргэ кэм кэлбит дии саныыбын. Билигин элбэх түмэллэрбит сабыллан тураллар, сорох сирдэргэ суол суоҕа биллэр. Онон сайдар суолу тутуһар буоллахха үлэ элбэх. Оттон эбиэт кэннэ консультацияҕа сырыттым. Биһиги «Чөлгө түһүү» диэн коммерческайа суох тэрилтэбитинэн Арассыыйа уонна Саха Сирин граннарыгар бырайыак оҥорбуппут. Бырайыак сайаапкатын биэрэргэ ыарырҕатар түбэлтэлэрэ элбэх буолар. Мунаарар санааларбар Дмитрий Михайлович Куприянов үөрэ-көтө хоруйдаата, сүбэлээтэ. Онон, бу уопсастыбаннай десант олуһун туһалаах, тэрийээччилэргэ махталбын тиэрдэбин” – диэн этэр.
Артем ОСИПОВ.