Аммалар Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһиннээхтик ыытарга бэлэмнэнэллэр

Бүгүн, балаҕан ыйын 3 күнүгэр, Амма улууһун эр дьоно араас нэһилиэктэртэн түмсэн, эһиил буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэн, ыһыахтыыр түһүлгэни бэлэмнээһиҥҥэ күргүөмнээх үлэҕэ туруннулар. Манна барыта 200-чэкэ эр дьон кыттыыны ыллылар.

Бу туһунан сиһилии Амма улууһун баһылыгын тутууга солбуйааччыта Виктор Смирников маннык сырдатар:

— Ыһыахтыыр сир эргэ тутууларын көтүрэн саҥа эбийиэктэри тутуу үлэтэ күүстээхтик бара турар. Бу иннинэатыы- эргиэн павильона, “Дорҕоон түһүлгэ” эргэ сыаната барыта көтүрүллэн  күн бүгүн бэлэм турар уонна кэлбит дьон трибунаны көтүрэн бүтэриэхтээхтэр. Саҥа эбийиэктэрбит экспертизаны ааспыттара. Бу күннэргэ саҥа түһүлгэ тутуутун үлэтэ саҕаланыахтаах. Үс дойдуну ситимниир Аал Луук мас туруохтаах сирин сыбаайата номнуо бэлэм турар. Онон, үлэ күөстүү оргуйар. Эһиил Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһиннээхтик ыытарга бэлэммит,- диэн этэр.

Түмүккэ улуус Аҕа баһылыга  Степан Николаевич Кузьмин кэлбит дьоҥҥо бу курдук биир сомоҕо буолан, Аммабыт сайдарын туһугар үлэлиэҕиҥ-хамсаҕыҥ диэн ыҥырда, кэлбит дьоҥҥо улахан махталын биллэрдэ.

Артем Осипов.