Аммалар уон үс тыраахтар күлүүһүн туттулар

Бүгүн Аллараа Бэстээххэ Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар анаммыт тыраахтардары туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолан ааста. Уон үс тыраахтыр икки бырагыраама көмөтүнэн сыспай сиэллээҕи дэлэтэр, туора муостааҕы үкстэр, үрүҥ илгэни үрүлүтэр, эмис эти элбэтэр, туорахтаах култуураны ыһар үлэһит дьоҥҥо улахан көмө буоларын бу күн өссө төгүл бигэргэттэ. Дьэ кимнээх араас кыамталаах Минскэй собуотуттан тиэллэн кэлбит тыраахтырдар күлүүстэрин туттулар?


Биир дойдулаахпыт, урбаанньыт, меценат, Ил Түмэн 6-с ыҥырыылаах Мунньаҕын дьокутаатынан таһаарыылаахтык үлэлээбит Руслан Федотов “Лээги” диэн маҕаһыынын тэлгэһэтигэр өрөспүүбүлүлүкэ, Амма улууһун өрөгөй ырыалара ньиргийэн, ураты бэлиэ түгэн үүммүтүн биллэрдилэр. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ эҕэрдэ тылларын СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников уонна Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин тириэртилэр. Дьэ ол кэнниттэн дохсун ытыс тыаһын ортототугар күлүүстэри туттарыы буолла. Бу кэлбит тыраахтырдартан биир ураты түгэнинэн тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар эрэ буолбакка, күүстээхтик үлэлии сылдьар бааһынай хаһаайыстыбалар эмиэ ыллылар. Ол барыта улууска ахсыс сылын үлэлиир анал муниципальнай бырагыраама көмөтө буолар.

Хайа хаһаайыстыбалар күлүүстэри туттулар? Ол курдук МТЗ 1221.3  тыраахтыры “Бөтүҥ” ТХПК (бэрэс. Дмитрий  Левин, нэһилиэк баһылыга Алексей  Никитин), “Абаҕа” ХЭТ (дириэктэр Василий Тимофеев, нэһилиэк баһылыга Максим Семенов), “Болугур” ТХПК (бэрэсс. Михаил Ксенофонтов, нэһилиэк баһылыгын солб. Раиса Софронова), Амма Наахараттан Аграфена Николаева баһылыктаах бааһынай хаһаайыстыба, МТЗ 82.1  (балочнай муостаах) тыраахтыры “Кэскил” ХЭТ (дириэктэр Александр Карманов, нэһилиэк баһылыгын э.т. И.Н. Тарасов), “Үрүйэ” ТХПК (бэрэсс. Семен Кононов, нэһилиэк баһылыга Алексей Кононов), “Соморсун” ТХПК (бэрэсс. Петр Андросов) , МТЗ 82.1 тыраахтыр күлүүһүн Сатаҕайтан “Сэппэрээк” бааһынай хаһаайыстыба баһылыгар Семен Анисимовка уонна нэһилиэк баһылыгын э.т. Андрей Аммосовка, Амма Наахараттан “Үөттээх” бааһынай хаһаайыстыба баһылыгар Гаврил Илларионовка уонна нэһилиэк баһылыгар Захар Александровка, Соморсунтан “Сэргэ” бааһынай хаһаайыстыба салайааччытыгар Алексей Каракановка, Сатаҕайтан “Чараҥнаах” бааһынай хаһаайыстыба салайааччытыгар Василий Никитиҥҥэ, Алтантан “Кустук” бааһынай хаһаайыстыба салайааччытыгар Константин Сутаковка, Бөтүҥтэн “Арго” бааһынай хаһаайыстыба салайааччытыгар Юрий Чиквинидзеҕа туттардылар.  Күлүүстэри уонна сэртипикээттэри СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников уонна улуус баһылыга Степан Кузьмин туттардылар.

Техника ылбыт бааһынай хаһаайыстыбалар уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов

 

“Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханын ирдэбилинэн сыллата тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр үп үрдээн иһэр. Быйылгы сылга 16 млдр солкуобай көрүлүннэ. Ону сэргэ улуустарга араас хайысхалаах бырагыраамалар үлэлииллэр. Ол гынан баран бу Амма улууһун бэйэтин көҕүлээһининэн уонна сайаапкатынан тыа хаһаайыстыбатын техникатын аҕалыыга анал бырагыраамалаах. Ол чэрчитинэн бүгүн Амма улууһун хаһаайыстыбаларыгар 13 тыраахтыр күлүүһүн туттардыбыт. Отчуттарга, үүнээйи ыһыытынан дьарыктанааччыларга саамай туһааннаах тыраахтырдар буолаллар. Инникитин бу бырагыраама атын улуустарга тарҕанан үлэлииригэр биһиги эрэллээхпит”, — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников үөрүүлээх тэрээһин кэнниттэн санаатын үллэһиннэ.

Сергей Васильевич бэйэтин эҕэрдэ тылыгар “сылыктаан, анааран көрдөхпүтүнэ Амма улууһа тыа хаһаайыстыбатыгар бэриллэр үбү-харчыны сөпкө аттаран, бэйэҕитигэр сөпкө туһанаҕыт. Ол курдук бу хаһыс да сылгытын анал бырагыраама оҥорон техника атыылаһыытыгар туһаайаҕыт. Маннык бырагыраама атын улуустарга суох. Онон атын улуустар эһигиттэн көрөн дьэ маннык бырагыраамаларга киирсээри сылдьаллар” диэн бэлиэтээтэ.

“Биһиги маннык муницпальнай тус сыаллаах бырагырааманы ахсыс сылын үлэлэтэ сылдьабыт. Манна өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта сөбүлэһии түһэрсэн үлэлиибит. Бу кэм устатыгар тыа хаһаайыстыбатыгар улуус 231 мөл солк, ол иһигэр 46 мөл солк нэһилиэк дьаһалталара, хаһаайыстыбалар көрөн кэллилэр. Бүгүн ылыллар 13- с техника бырагырааманан улууска кэлбит техникалартан 100-с техника буолар. Салгыы быйыл өссө 4 техниканы ылыахтаахпыт, эбии бурдук ыскылаатын, хотон тутуохтаахпыт. Былаан элбэх. Ол иһигэр биир улахан бырагырааманан Сергей Васильевич Местников тус көҕүлээһинэн овсюк диэн сыыс оту утары охсуһар бырагыраама олоххо киириитэ буолуо. Быйылгыттан саҕаланан биэс сыллаах үлэ барыа. Бу биэс сыл устата 50 мөл. солк көрүллэн көдьүүстээх үлэ ыытыллыа. Онон өссө төгүл Ил Дархаммытыгар, өрөспүүбүлүкэбит Бырабыыталыстыбатыгар,  тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр  Амма дьонун-сэргэтин аатыттан махталбытын тириэрдэбит уонна ситиһиилээх үлэнэн эппиэттиэҕин диэн ыҥырабын”, — диэн улуус баһылыга Степан Кузьмин тириэртэ.

Тыраахтырдары кылгас болдьоххо, оруобуна ыһыы үлэтэ, от хампаанньата саҕаланыан иннинэ биир дойдулаахпыт Руслан Федотов аҕалбытыгар тыраахтыры ылааччылар дириҥник махтаннылар. Чахчы да техника хаһаайыстыба үлэтигэр саамай наадалаах этэргэ диэри уҥа илиилэрэ буоллаҕа.

“Бу бастакы саҥа техникам буолар. Эргэ МТЗ тыраахтырдаахпын биир. Онон бүгүн ылбыт тыраахтырым олох үлэбэр саамай көмөлөөх буолуоҕа. Үөрдүм, астынным. Бүгүн сүүрдэн барабын. Техниканы кэмигэр тириэрдибит Руслан Еремеевичка, улууспут, бырабыыталыстыбатыт салалатыгар олус туһалаах бырагыраамалары үлэлэтэллигэр махтанабын уонна бырагыраама тохтообокко үлэлии турарыгар баҕарабын”, — диэн Алтан нэһилиэгин “Кустук” бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Константин Сутаков үөрүүтүн үллэстэр.

 

“Бу техникалар сааскы ыһыыга, аны сайын оппутугар төһүү күүс буолуохтара. Бурдукка ананан кэлбит техникалар. Амма улууһа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саамай элбэх техника ылбыт улуус буолар. Ол курдук улуус баһылыга Николай Архипович Архипов саҕалаабыт бырагырааматынан улууспут нэһилиэктэрэ, улуус дьаһалтата, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ, ону кытта өрөспүүбүлүкэбит салалтата үбү-харчыны бииригэ түмэн бу техникалары ыллылар. Аммалар бачыымнарын атын улуустар үөрэтэн, “Кормопроизводство” бырагырааматынан техника ылыытын саҕалаатылар. Биһиги тэрилтэбит нөҥүө Саха сиригэр 100-тэн тахса Белорусь тыраахтырдарын Саха өрөспүүбүлүкэтэ ылыахтаах. Онон Ил Дархаммытыгар, Бырабыыталыстыбатыгар, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр, улуус салалтатыгар, биһиги үлэһит дьоммутугар улахан махтал”, — диэн Минскэй собуотун Саха сиригэр соҕотох дилэрэ Руслан Федотов санаатын үллэһиннэ.

Техникалар ылылыннылар. Аны дьэ Сергей Васильевич бэлиэтээбитинэн  бэриллэр үп көдьүүстээхтик туһаныллан, тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар барыахтаах.

“Амма олоҕо” хаһыат