Амматааҕы эдэр натуралистар ыстаансыйаларын иитиллээччилэрэ ситиһиилээх кэллилэр

Амматааҕы эдэр натуралистар ыстаансыйаларын иитиллээччилэрэ «СӨ бастыҥ биисинэс бырайыага» өрөспүүбүлүкэтээҕи улахан күрэхтэһиигэ улуус чиэһин көмүскээтилэр уонна бочуоттаах миэстэлэргэ таҕыстылар.

СӨ ил Дарханын иһинэн үлэлиир инновационнай менеджмент үрдүкү оскуолатыгар Сыл аайы ыытыллар тэрээһиҥҥэ 117 эдэр урбаанньыт Амма, Нам, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Таатта,Үөһээ Бүлүү, Чурапчы, Эбээн Бытантай улуустарыттан кытыннылар. Биисэнэс-инкубатор оскуолатын резиденнэрэ урбаан эйгэтигэр эспиэрдэргэ бэйэлэрин биисэнэс бырайыактарын көмүскээтилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа министиэристибэтин урбааны сайыннарыы салаатын салайааччыта Петр Никифоров, «Мин биисинэһим» өрөспүүбүлүкэтээҕи киин үөрэхтээһини өйүүр салаатын начаалынньыга Анна Филиппова, СӨ нолуок сулууспатын федеральнай салалтатын исписэлииһэ Инна Садовникова, «Алмазэргиэнбанк» АУо маркетолога Яна Кондратьева, «Алмазэргиэнбанк» АУО дьоҕус биисинэһин салалтатын хамнастаах бырайыактарын менеджерэ Евгений Хобров оҕолор үлэлэрин сыаналаатылар. Социальнай эйгэ, инновационнай урбаан, дьарыктаах буолуу, дьиэ кэргэн  биисинэһэ, өҥөлөрү оҥоруу, тыа хаһаайыстыбатын эйгэтэ хайысхаларга бастыҥ бырайыактар быһаарылыннылар. Амматааҕы эдэр натуралистар ыстаансыйаларын иитиллээччилэрэ Петр Слепцов (салайааччыта Антонина Слепцова) тыа хаһаайыстыбатын хайысхатыгар «Ыстаансыйа усулуобуйатыгар сүөһү ноһуомун калифорнийскай чиэрбэ көмөтүнэн оҥорон таһааран туһаныы», Кира Никифорова  (салайааччыта Галина Никифорова) «Ньээм оттон бородууксуйаны оҥорон таһаарыы уонна туһаныы» бырайыактарынан үһүс миэстэ буолары ситистилэр. Давид Никифоров (салайааччы Наталья Гаврильева) «Эдэр мүөттээх ыҥырыаны иитээччи» бырайыагынан кыттааччылар биһирэбиллэрин ылла.

«Улахан тэрээһиҥҥэ оҕолор биисэнэс бырайыактары көмүскээтилэр. Биһиги сиэксийэбитигэр барыта 62 оҕо кытынна. Онон оҕолорбут 3 иһигэр киирбитттэрэ улахан ситиһии диэн сыаналыыбыт. Маны таһынан оҕолор  оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларын, оҥоһуктарын быыстапката, атыы-тутуу тэрилиннэ. Биһиги  тэрилтэ бородууксуйабыт, табаарбыт атыыга балай да барда. Онон биһиги биисинэс инкубаторга  сөптөөх хайысханы тутуһан үлэлии-хамсыы олорор эбиппит диэн үөрэбит», — диэн санаатын үллэстэр эдэр натуралистар ыстаансыйаларыгар биисэнэс инкубаторы салайар методист Матрена Караканова.

Алтана Артемьева.

Читайте дальше