Амматааҕы “Радуга” оҕону сайыннарар Киин (салайааччы Конникова В.В., үөрэх-иитии чааһыгар салайааччы Левина В.И.) 65 сыллаах үбүлүөйүгэр уонна Аммаҕа Олоҥхо сылыгар аналлаах улуустааҕы “Олоҥхо кустуга – педагогическай олимп” күрэҕи олус бэркэ тэрийэн ыыттылар. Тэрээһин Амма улууһугар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа буолара 100 хонугар сөп түбэһиннэрэн олус сэргэхтик ааста.
Бу күрэх сыалынан — соругунан олоҥхону киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, билиһиннэрии, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэрин федеральнай үөрэх бырагырааматын национальнай-региональнай компоненыгар киллэриини көрдөрүү, иитээччилэр таһымнарын, билиилэрин үрдэтии, үлэ уопутун киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы буолар. Күрэххэ барыта аҕыс хамаанда ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан кэлбиттэр. Ол курдук Болугуртан «Ситим» хамаанда («Колосок» уһуйаан), Амма Наахараттан «Үѳмэстэй Бэргэн» хамаанда («Дуораанчык») уһуйаан, Эмистэн «Чөмчүүк саас түһүлгэтэ» хамаанда («Чуоранчык» уһуйаан), Соморсунтан «Чэчир» хамаанда («Чэчир» ОСК), (убаастанар биричиинэнэн кэтэхтэн көрүү түһүмэҕэр кытынна), Бөтүҥтэн «Күн мичээрэ» хамаанда («Мичээр» ОСК), Амматтан «Алаас Далбар Хотуттара» хамаанда («Кэнчээри» ОСК), «Айыы Куолара» хамаанда («Хатынчаана» уһуйаан), «Сардаана» хамаанда («Сардаана» ОСК) билиилэрин, талааннарын тургуттулар.
Хамаандалар кэтэхтэн көрүү «Олоҥхо дойдутун тылын баайа» түһүмэҕэр литературнай тылынан дьүһүйүүнү суруйдулар, кроссворд таайдылар. «Олоҥхо оҕо сайдыытыгар» түһүмэххэ хас биирдии хамаанда оҕону, төрөппүтү кытта үлэлиир бырайыактарын билиһиннэрдэ. «Олоҥхо аныгы оҕо сайдыытыгар» — “Саха олоҕо-дьаһаҕа, култуурата — Олоҥхоҕо» диэн тиэмэҕэ оҕону кытта оонньууну видеороликка устан көрдөрдүлэр. «Олоҥхо калейдоскоба» түһүмэххэ — олоҥхо геройдарын таҥастарын-саптарын бары хамаандалар олус үчүгэйдик таҥнан-симэнэн, бэртээхэй көстүүмнэри кэтэн киирэн хас биирдиилэрэ бэйэлэрин геройдарын уобарастарын арыйдылар. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардыыны уруһуйдаан, олоҥхо тыаһын-ууһун бэйэ оҥорбут музыкальнай инструменнарынан тыаһатан көрдөрдүлэр. «Олоҥхо үс дойдута» түһүмэххэ – «Аллараа дойду» «Олоҥхо оонньуулара» эстафета, «Орто дойду» «Олоҥхо оһуора» флешмоб, «Үөһээ дойду» «Олонхо оонньуулара» биктэриинэҕэ күрэхтэстилэр. Күрэх хас биирдии түһүмэҕэ олус тыҥааһыннаахтык, сэргэхтик, өрө күүрүүлээхтик ааста. Хас биирдии хамаанда ох курдук оҥостон кэлбитэ харахха быраҕыллар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Ф.Ф. Потапов аатынан Амматааҕы норуот айымньытын дьиэтин фольклорга испэсэлииһэ, СӨ култууратын туйгуна, СӨ култууратын туйгуна, Анфиса Федорова, А.А. Черемных аатынан Оҕо ускуустубатын оскуолатын уруһуйга преподавателэ, СӨ култууратын туйгуна Кыыма Жиркова, О.П. Иванова-Сидоркевич оҕо айымньытын дьиэтин эбии үөрэхтээһинин педагога, «Амма Чэчирэ” РФ оҕо ырыа, үҥкүү образцовай энтографическай художественнай ансамбылын фольклорнай бөлөҕүн салайааччыта Сардана Харитонова, улуустааҕы үөрэх салалтатын уопсай үөрэхтээһин салаатын сүрүннүүр исписэлииһэ, СӨ үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ Вера Чупрова, информационнай-методическай салаатын сүрүннүүр исписэлииһэ Эмма Давыдова үлэлээтилэр. Түмүккэ I миэстэҕэ Амматтан «Алаас Далбар Хотуттара» хамаанда («Кэнчээри» ОСК), II миэстэҕэ Эмистэн «Чөмчүүк саас түһүлгэтэ» хамаанда («Чуоранчык» уһуйаан), III миэстэҕэ «Сардаана» хамаанда «Сардаана» ОСК, Амма таҕыстылар. Маны сэргэ анал ааттары туттарыннылар. «Олоҥхо оҕо билэр-көрөр сайдыытыгар» анал аат «Айыы Куолара» хамаанда «Хатынчаана» уһуйаан, Амма, «Олоҥхо үс дойдута» анал аат «Ситим» хамаанда «Колосок» уһуйаан, Болугур, «Олоҥхо калейдоскоба» анал аат «Үѳмэстэй Бэргэн» хамаанда «Дуораанчык» уһуйаан, Өнньүөс, «Олоҥхо дойдутун тылын баайа» анал аат «Чэчир» хамаанда «Чэчир» ОСК, Соморсун, «Олоҥхо аныгы оҕо сайдыытыгар» анал аат «Күн мичээрэ» хамаанда «Мичээр» ОСК, Бөтүҥ, «Олоҥхону толорууга бастыҥ салайааччы» — «Дуораанчык» уһуйаан музыкальнай салайааччыта Туйаара Мартынова буоллулар.
“Бүгүн Айыыһыт алҕаабыт кытылыгар, Алгыстаах Аммаҕа «Олоҥхо кустуга» улуустааҕы уһуйааннар икки ардыларыгар педагогическай олимпиада ыытыллан сүргэбитин көтөхтө. Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллара 101 хонугар сүҥкэн тэрээһин ыытылынна. Тэрээһини нууччалыы тыллаах «Радуга» оҕону сайыннарар Киин кыайа-хото тутан тэрийдэ. Хамаандалар бэлэмнэрэ үрдүк, бииртэн биир кэрэ иитээччилэр илин-кэлин түсүһэн, күрэхтэһэн уһуйааннарын аатын үрдүктүк туттулар. Олус астык тэрээһин! Махтал кыттыбыт хамаандаларга, тэрийбит “Радуга” уһуйаан коллективыгар. Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллара 101 хонуга биир кэрэ күнү бэлэхтээтэ. Бу курдук Олоҥхо ыһыаҕа үрдүк таһымҥа ыытылыннын”, — диэн дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Анфиса Федорова бэйэтин санаатын үллэстэр.
“Радуга” оҕону сайыннарар Киин кэллэктиибэ сахалыы астаах сандалыны тардан күрэхтэһээччилэрин күндүлээтэ, хас биирдии хамаанда урбаанньыт Владимир Степанович Левин сүрүн бирииһин тутан үөрдэ-көттө.
Эмма ДАВЫДОВА