Анна Матвеева “Тэрээһиннэрбитигэр көхтөөхтүк кэлэн кыттаарыҥ”

Ааспыт нэдиэлэ биир бэртээхэй тэрээһининэн “Уостан түспэт ырыалар” диэн ырыа умнуллубат киэһэтин ааттыахха сөп. Тэрээһини О.П. Иванова-Сидоркевич аатынан оҕо сайдар киинин кэлэктиибэ тэрийэн ыытта. Бу киэһэ норуот таптаан истэр, уоһуттан түһэрбэккэ уонунан сылларга ыллыы сылдьар ырыалара ылланнылар, ким сценаҕа ыллаабатах бэйэтин да холонон көрөр истиҥ киэһэтэ буолла.

“Биһиги бу тэрээһиммитин Аммабыт киэн туттар киһитэ, музыкана, Ольга Петровнабыт олоҕун аргыһа Гелярий Владимирович Сидоркевич төрөөбүтэ 80 сылыгар анаатыбыт. Киһи төһө да аҕыйах сырыттар, үчүгэй, истиҥ киэһэ буолла. Биэчэрбит саҕаланыытыгар методистарбыт Гелярий Владимирович  олоҕун, үлэтин кэпсиир наһаа үчүгэй  презентация оҥорбуттара. Ону кэлбит дьон сэргээн көрбүттэрэ. Билэргит курдук, 2018 сыллаахтан баян биэчэрин саҕалаабытым. Ол биэчэрдэри видеоҕа устубуппутун көрөн, кэлбит ыалдьыттарбытын наһаа долгуйдулар. Хомойуох иһин ол тэрээһиннэргэ кыттыыны ылбыт ытыктабыллаах сорох бэтэрээннэрбит билигин биһиги ортобутугар суохтар. Холобура “Кэхтибэт кэрэ куоластар” ансаамбыл кыттыылааҕа Анна Андреевна олоҕун аргыһа, мин ийэм, «Солобуода» ансаамбыл чилиэнэ Вячеслав Босиков… Ону  көрөн  астыннылар, үөрдүлэр, ытамньыйан да ыллылар. Аны биэчэрбитигэр Василий Неустроев кэлэн баянынан былыргы үҥкүүлэри, краковьягы, польканы, тустебы оонньоон дуоһуйа үҥкүүлээтилэр.

 

Маны сэргэ ким баҕарар таптыыр ырыатын баяҥҥа тыаһаттаран сололаан да, дуэттаан да ыллаан бэйэтэ кэнсиэр курдук буолла. Биэчэрбитин “Дьүөгэлиилэр” ырыа ансамбыла, Косиор Карманов, Сахаяна Харитонова уонна оператордаабыт Дмитрий Саввинов ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр. Кэлбит дьоммутугар хаартыскаҕа түһэн, ону тута таһааран биэрэр өҥөнү оҥорон, бу биэчэрдэрин үйэтинэн бардылар. Ити курдук биһиги кииммит салгыы араас тэрээһиннэри өссө  ыытар былааннаахпыт. Маннык биэчэрдэри ыытан, Олоҥхобут ыһыаҕар кыттарга оҕолорбутугар таҥас-сап ылыытыгар үлэлэһэбит. Онон инникитин буолар тэрээһиннэрбитигэр кэлэн көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт”, — диэн Амматааҕы О.П. Иванова-Сидоркевич аатынан оҕо сайдар киинин “Амма чэчирэ” ансаамбыл салайааччыта Анна Матвеева сырдатта.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше