Балаҕан ыйыттан саҕалаан кэлэр 2024 сылга бары хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуу бара турар. Төһө да интернет, сыыппара сайыннар, кумааҕы хаһыат бэйэтин суолтатын сүтэриэ суохтаах. Хаһыаты тутан олорон ааҕарын ордук буоллаҕа. Хайа уонна “суруллубут суоруллубат” диэн мээнэҕэ этиллибэтэҕэ. Биһиги хаһыаппытын Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбыт эмиэ суруттаран ылан ааҕалларыттан биһиги олус үөрэбит. Хаһыат туһунан үчүгэйи иһиттэхпитинэ харыс үрдүүбүт, күннэтэ үлэлиир үлэбит мээнэ буолбатах эбит диэн астынабыт. Дьокуускай куорат олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын туйгуна, “Гражданскай килбиэн” үрдүк бэлиэ хаһаайката Анна Шишигина улууһун хаһыатын сурутан ааҕар.
“Мин 2023 сылга улууһум хаһыатыгар суруттаран олус диэн астынан олоробун. Хаһыаппыттан элбэх сонуннары, бэлиэ күннэри, история чахчыларын, бэйэм ыстатыйам тахсыбытын долгуйа аахпытым, ааҕабын даҕаны. Бэйэм Дьокуускай куоракка олорор аммаларга, болугурдарбар нэдиэлэ сүрүн сонуннарын кэпсээн сэргэхситэрим. Эһиил 2024 сылга Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыаҕа. Дьэ ону көрсө “Амма олоҕо” хаһыаппар суруттарабын уонна атын биир дойдулаахтарбын ыҥырабын. Хаһыаты ааҕар төлөпүөнтэн сонуннары билэрдээҕэр ордук. Санаатаххына ылан хос да ааҕыаххын сөп. Бэйэ дойдутун туһунан тэйиччиттэн олорон ааҕар олус астык, дойдугар сылдьыбыт курдук сананаҕын. Онон эрэдээксийэ үлэһиттэригэр ситиһиини, өссө элбэх интэриэһинэй ыстатыйалары суруйа тураргытыгар баҕарабын”, — диэн эрэллээх сурутааччыбыт санаатын үллэһиннэ.
“Амма олоҕо” хаһыат