Сарсын Дьокуускай куоракка Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үҥкүү театрын Саха оркестрын музыкана, “Кыл Саха” бөлөх салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, киэн туттар биир дойдулаахпыт Анна Томская үбүлүөйдээх айар киэһэтэ буолар.
Анна Томская биһиги ытыктыыр, убаастыыр кэллиэгэбит, талааннаах суруналыыс, оҕо суруйааччыта Иван Никитич Корякин — Уйбаан Бөтүүнүскэй төрөппүт кыыһа буолар.
“Анна Томскаяны олус үлэһит, идэтигэр бэриниилээх, санаабытын хайаан да ситиһэр дьулуурдаах киһинэн билэбин. Онуоха айылҕаттан айдарыы эрэ буолбакка, оҕо эрдэхтэн оҥкул ууруллубутугар саарбахтаабаппын”,- диэн “Саха сирэ” хаһыат кэрэспэдьиэнэ Надежда Егорова “Анна Томская: Улахан кыайыыбыт – норуоппут билиниитэ, ылыныыта” диэн матырыйаалыгар суруйбут. Ити ыстатыйаҕа Анна Ивановна төрөппүттэрин, бииргэ төрөөбүттэрин, төрөөбүт дойдутун туһунан истиҥник эппитин бэчээттиибит:
— Төрөппүттэрим, аҕам Иван Никитич уонна ийэм Евдокия Семеновна үлэлии үөрэнэргэ, куруук саҥаны билэ сатыырга, баары сыаналыырга бэйэлэрин холобурдарынан үөрэппиттэрэ. Эдьиийим Прасковья Ивановна Емельянова куруук өйөбүл буолара. Оҕо эрдэхпиттэн аҕам байаанын дорҕооно, бииргэ төрөөбүттэри кытта ырыабыт, үҥкүүбүт, Бөтүҥүм сыанатыгар бастакы тахсааһыннарым, төрөөбүт дойдум, тапталлаах Аммам бу улахан үлэбэр тирэҕинэн, сирдьитинэн буолаллар.
Үбүлүөйдээх киэһэ Анна Томская кыл кылыһахха, таҥсырга толоруутугар саха композитордара Владимир Ксенофонтов, Захар Степанов, Василий Зырянов уонна Валерий Ноев айымньыларын астына-дуоһуйа истиэхпит. Анна Ивановна салайар “Кыл Саха” бөлөҕө кылы тэҥэ атын инструменнарга саха, казах, монгол омуктар айымньыларын, сахалыы былыргы матыыптары, аныгы ырыалары уонна үҥкүүлэр доҕуһуолларын оонньуохтара. Маны тэҥэ Анна Томская доҕуһуолунан Ырыа Саарынныын тэҥҥэ үлэлэрин сэргии көрүөхпүт.
Вера ИВАНОВА.
Анна Томская дьиэтээҕи альбомуттан уонна “Айар кут” студия Егор Иванов, фотограф Михаил Ефремов хаартыскаларын туһанныбыт