Бүгүн Амматааҕы лиссиэйгэ «Айыы намыһын» бырайыак чэрчитинэн олус интэриэһинэй, соһуччу көрсүһүү буолан ааста. Кыыдааннаах кыһын туманын быыһынан ытык дьон — Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа,Саха АССР үтүөлээх артыыһа, П.А.Ойуунускай аатынан государственнай бириэмийэ лауреата, Федот Потапов кэргэнэ Зоя Багынанова уонна СӨ үтүөлээх артыыһа, Федот Потапов кыыһа Елизавета Потапова ыалдьыттаатылар.
Зоя Петровна уонна Елизавета Федотовна Амма уонна Бөтүҥ орто оскуолаларын оҕолоругар сүбэ-ама биэрэн, бэйэлэрин театрга үлэлэрин-хамнастарын, артыыс буолбут суолларын-иистэрин кэпсээн аастылар. Маннык түгэни мүлчү туппакка, үөрэнээччилэр сөбүлүүр артыыстарыгар интэриэһиргиир ыйытыыларын биэрэн хааллылар.
Малыкайцева Виталия, Амма 1 №-дээх орто оскуолатын 9 «а» кылааһын үөрэнээччитэ: Артыыс буолар баҕа санаа хаһан эһиэхэ кэлбитэй?
Елизавета Потапова: Мин театр оготобун, ийэм, аҕам иккиэн артыыстар, сценаҕа тахсарбыттан наһаа үөрэр, дьоллонор этим, улаатан баран оскуолабын бүтэрэн баран, аҕабар артыыс буолуохпун баҕарабын диэн эппитим, үһүс сырыыбар биирдэ туттарсан артыыс үөрэҕэр киирбитим.
Кралина Уруйдаана, Амма 1 №-дээх орто оскуолатын 9 «б» кылааһын үөрэнээччитэ: Мин улааттахпына артыыс буолуохпун баҕарабын, онно тугу сүбэлиэ этигитий?
Зоя Багынанова: Элбэхтэ саха литературатын ааҕарга, кэпсээннэри, олоҥхолору, хоһооннору уонна монологтары билиэххин наада, тутта-хапта сылдьаргытын көрүнүҥ.
Тарабукина Дайаана, Амма 1 №-дээх орто оскуолатын 9 «б» кылааһын үөрэнээччитэ: Эһиги оруолга хайдах киирэҕитий?
Зоя Багынанова: Режисердар — учууталлар буолаллар, остуолга олорон оруолбутун быһаарсан ааҕан барабыт уонна аргыый аҕай эйигин оруолга киллэрэн иһэллэр, хоһооннору хараххынан көрөр курдук кэпсиэхтээххин, персонаһын хайдах сылдьарын майгыннатан көрдөрөҥҥүн.
Яковлева Сайнаара, Бөтүҥ орто оскуолатын үөрэнээчитэ: Эһиги санааҕытыгар кукольнай испэктээк сыанаҕа оонньонор испэктээктэн туох уратылааҕый?»
Зоя Багынанова: Холобура, испэктээккэ драматическай театры оонньуур буолахха эн көрөөччүнү кытта бэйэн санааҕын үллэстэр курдук, кини хараҕын, сирэйин көрөн туран оонньуугун, оттон куукуланан оонньуур буолахха кинини көрөн оонньуугун, куукула киһи курдук көрбөт, кини муннунан корор уонна куукулаҕыттан хараххын араарыа суохтааххын, ханна барар да, ону батыһыахтааххын.
Клара Романовна Кириллина салайааччылаах «Айыы намыһын» бырайыак чэрчитинэн олус элбэх медиаресурс оҥоһуллубут. Аны сайын олонхо ыһыаҕар аммалар Саха сирин общественноһын иннигэр улахан эксээмэн туттараары сылдьабыт диэххэ сөп. Мантан саас чинчийэр үлэлэр ыытыллыахтара, научнай конференция буолуоҕа, уһаныы өттүгэр кыра оҕолор Эмис нэһилиэгэр кыыннаах быһах оҥорон таһаарбыттара. Дьэ ити курдук бырайыак олус элбэх уөрэтэр хайысхалаах.
Истиҥ көрсүһүүнү Бөтүҥ орто оскуолатын үөрэнээччитэ Лена Степанова олоҥхолоон, оһуокай таһааран киэргэттэ, Елизавета Потапова хоһоон ааҕан иһитиннэрдэ. Оҕолор элбэҕи көрөн-истэн, билэн уонна сэргэхсийэн тарҕастылар.
Вика Федорова, Арина Кононова, Валерия Петрова, Амма орто оскуолатын АеСеШник хаһыат корреспонденнара, 9 «а» кылаас үөрэнээччилэрэ.
Ыстатыйаҕа лиссиэй учуутала Наталия Рязанская хаартыскаларын туһанныбыт.