Таатта улууһун дьаһалтата “Сахабэчээт” судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэтэ көҕүлээбит илиинэн оту охсуу бырайыагын өйөөн бэртээхэй үлэ бырааһынньыга ыытылынна. Аммалар ааттарын Эмистэн үлэһит дьиэ кэргэн Тимофеевтар “Авдейдар” диэн хамаандалара чиэстээхтик көмүскээтилэр.
Хайа анна диэн Уолба нэһилиэгин киэҥ-куоҥ алааһыгар өрөспүүбүлүкэбитигэр биллэриллибит Үлэ сылыгар ананан ыытыллыбыт илиинэн оттооһун күүлэйэ бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста. Ол курдук түөрт чаас устата хоннохтоох отчуттар бастыҥнарын, хайалара тулуурдааҕын, суола ырааһын быһаарсан кимиилээхтик кииристилэр. Чахчы да кэнники кэмҥэ илии звенота диэн суоҕун кэриэтэ. Ол түмүгэр урукку курдук сири сирийэн оттооһун да аччаата, өбүгэлэрбит илиинэн оттоон тыһыынчанан сүөһүнү кыстык таһааран кэлбит үтүө үгэстэрэ сүтэр кутталланна. Ону тилиннэрэр, эдэр ыччаты хары күүһүн тургутар күүстээх үлэҕэ сыһыарар сыаллаах күүлэйгэ улууспут чиэһин Авдей Данилович уонна Матрена Николаевна Тимофеевтар икки оҕолорун кытта тиийэн көмүскээтилэр. Манна даҕатан эттэххэ, кинилэр дьиэ кэргэн от ыйын саҥатыттан оттоон, от үлэтин атырдьах ыйыгар диэри бүтэрбиттэрэ. Бу күрэх иннинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хорообутугар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи улахан күрэххэ баран кыттаннар, эмиэ бэйэлэрин да, улуустарын да аатын ааттатан ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ. Таатта сиригэр да кинилэр хоннохтоох отчуттар буолалларын өссө төгүл бигэргэттилэр. Ол курдук ыал ийэтэ Матрена Николаевна дьахталларга бастакы миэстэни, оҕолор Александра иккис, Авдей иккис миэстэлэри ыллылар. Онтон дьэ саамай уустук, былыргы саха хотуурунан охсууга ыал аҕата уонна Александра чемпион үрдүк аатын ылан, көрөөччүлэри да, тэрийээччилэри да сөхтөрдүлэр.
“Ытык Таатта сиригэр олус үчүгэй тэрээһиннээх күрэхтэһиигэ кыттан кэлэммит наһаа астынныбыт. Ыалдьыттары көрсүү сиэрэ-туома ыытыллан, олохтоохтор былыргы күүлэй үгэһинэн, сүөһү өлөрөн, остуол хотойорунан ас тардан кэлбит ыалдьыттары күндүлээбиттэрин сөхтүбүт. Түөрт чаас устата сыралаах охсуу кэнниттэн сандалы тула олорон бэрт истиҥ кэпсэтии, инники былааннары ырытыһыы буолла. Манна Таатта улууһун баһылыга, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта, нэһилиэктэрин баһылыктара кэлэн кыттыыны ыллылар.
Сырдатыыга телевидениелар, суруналыыстар кэлэн күүстээхтик үлэлээтилэр. Бу барыта биһиги өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин пропагандалыырга олук буолара саарбаҕа суох. Үлэ сылыгар тыа үлэһит дьонугар ананан ыытыллыбыт күрэх бары да улуустарга үтүө холобур буолуон сөп дии санаатыбыт. Манна биир интэриэһинэй, киһиттэн улахан күүһү уоҕу эрэйэр былыргы сахалар “горбуша” диэн хотуурдарынан охсууга күрэхтэһии буолла. Манна элбэх киһи бэйэтин холонон көрдө. Бэртээхэй күүлэйгэ баран кыттарбытыгар күүс-көмө буолбут нэһилиэкпит баһылыгар Прокопий Петровичка, тэбис тэҥҥэ сылдьыбыт спорт инструкторбытыгар Нонна Ноговицынаҕа, бэйэтин массыынатынан илдьэ сылдьыбыт бырааппытыгар Данил Гурьевка истиҥ махталбытын тириэрдэбит. Ону сэргэ көҕүлээбит, көмөлөспүт улууспут хаһыатын эрэдээксийэтигэр эмиэ махтанабыт. Өбүгэбит үгэһэ куруутун сайда турдун, умнуллубатын”, — диэн Матрена Николаевна уонна Авдей Данилович санааларын үллэһиннилэр.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат