Амма улууһугар биир күн устата “Гражданские выходные” диэн уопсастыбаннай десант үлэлээтэ. Бу күҥҥэ улуус бары нэһилиэктэриттэн уопсастыбаҕа көхтөөх көрүүлээх дьон киирэн араас былаһааккаларынан үөрэтиини бардылар, туһааннаах кэлбит дьонтон тугу интэриэһиргииллэрин ыйыталастылар, салгыы үлэлииллэригэр сүбэлэри ыллылар.
Десант саҕаламмытын үөрүүлээх арыллыытыгар бэйэлэрин эҕэрдэлэрин Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев, СӨ уопсастыбаннай палататын чилиэнэ Сергей Анисимов уонна “Межмуниципальный ресурсный центр РС (Я)” АНО дириэктэрэ Майя Дмитриева тириэртилэр, наҕараадалары туттардылар. Ол курдук Ил Дархан Махтал суругун “Алаас” түөлбэ салайааччыта, Амма киин балыыһатын анестезиолог-реаниматолог бырааһа Петр Табунанов, “СӨ Гражданскай көҕүлээһиннэрин туйгуна” бэлиэнэн улуустааҕы култуура уонна норуот айымньытын салалтатын исписэлииһэ Зоя Пахомова бэлиэтэннилэр. Итини сэргэ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньах бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Подголовтан 50 000 солкуобай суумалаах сэртипикээти байыаннай таҥаһы тигиигэ ыытыллыбыт күрэххэ ситиһиилээхтик кыттыбыт “Кыыс Амма” хамаанда дохсун ытыс тыаһын ортотугар тутта.
Тэрээһин кыттыылаахтара түөрт былаһаакканан бэйэлэригэр туһааннааҕы иһиттилэр, элбэҕи биллилэр. Ол курдук “Гражданскай уопсастыба сайдыыта”, “Киһи дьылҕата: патриотическай иитии”, “Уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр”, “Технологическай предпринимательство сайдыыта” диэн былаһааккалар үлэлээтилэр. Манна Граннарга кыттыы, сокуоннар уларыйыыларынан түөлбэлэр, НКО-лар регистрацияларын уратыларын, Бүтүн Арассыыйатааҕы “Мин идэм — IT” уонна да атын гражданскай уопсастыбаҕа кыттыы туһунан кэпсэттилэр, кэпсээтилэр даҕаны. Бу күн Таатта улууһуттан бастыҥ үлэлээх түөлбэлэр салайааччылара кэлэннэр бэйэлэрин уопуттарын эмиэ кэпсээтилэр. Эбиэттэн киэһэ туһааннаах исписэлиистэр биирдиилээн дьоннорго консультациялары оҥордулар.
“Биһиги үөрэнээччилэргэ уонна информатика учууталларыгар IT хайысханан үөрэтиини ыыттыбыт. Арассыыйа үрдүнэн ыытылла турар “Мин идэм IT” диэн күрэх Саха сириттэн тахсыбыта. Онон Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин сорудаҕынан бу бырайыакпытын регионнарга таһаардыбыт. Ааспыт сылга уон региоҥҥа ыыппыппыт. Кэлэр сылга бырайыакпыт үлэлээбитэ 10 сыла буолар. Онон манна биһиги баһылыыр оруолу ылан оҕолор бу хайысхаҕа сайдалларыгар, саҥаны арыйалларыгар күүс-көмө буолабыт. Билигин дойдуга информационнай технологияҕа эдэр талааннаах оҕолор наадалар. Маннык тэрээһиннэргэ саамай кылаабынай оҕолору кытта ыкса сибээс олохтооһуна буолар. Улуус улуус атыннар. Бу бырайыакка Амма улууһун оҕолоро 2018 сылтан ситиһиилээхтик кытталлар. Маннык десаннарга сылдьан биһиги оҕолорго IT сайдыытын кэпсээн, оҕолор өссө сайдан, саҥаттан саҥа хайысхаҕа киирсэллэригэр, бэйэлэрин көрүүлэрин киллэрэллэригэр баҕарабыт. Оҕолор разработчик игин буолан Аан дойдуга сөптөөх суолу булан тахсалларыгар күүс-көмө буолабыт. Маннык конкурстарга кыттыбыт оҕолор бу хайысханан араас таһымнаах үөрэх кыһаларыгар киирэн, исписэлиис буолан тахсаллар”, — диэн “Дирекция конкурса “Моя профессия — IT ” ” АНО дириэктэрэ Мичил Стручков этэр.
Былаһааккаларынан үлэ кэнниттэн хас биирдии туһааннаах исписэлиис тус көрсүһүүлэри оҥорон, тэрээһин кыттыылаахтара өссө лаппыйан туран бэйэтин былааннарын билиһиннэрэн консультациялары биэрдилэр.
“Амма улууһун коммерческайа суох тэрилтэлэрэ куруутун граннарга кытталлар, кыайаллар. Бүгүн ыыппыт үөрэхпит түмүктээх буолуо диэн эрэнэбит. Бу кэнниттэн аммалар өссө күүскэ кыттыахтара, өссө сайдыахтара дии саныыбын. Ол курдук маннык уопсастыбаннай десаннар миэстэтигэр кэлэннэр түмсүүлэргэ, тэрилтэлэргэ, биирдиилээн да көхтөөх дьон баҕа санааларын, бырайыактарын олоххо киллэрэллэригэр күүс-көмө буолаллар, ону кытта туох эрэ кыһалҕалаах буоллахтарына ону быһаарарга эмиэ тирэх буолаллар”, — диэн “Межмуниципальный ресурсный центр РС (Я)” диэн автономнай коммерческайа суох тэрилтэ дириэктэрэ Майя Дмитриева тэрээһин кэнниттэн санаатын үллэһиннэ.
Дьэ бу курдук биир күн устата улууспут бары нэһилиэктэриттэн гражданскай уопсастыбаҕа көхтөөх, бэйэлэррэ көрүүлээх, ол көрүүлэрин олоххо киллэрэр баҕалаах 200-чэкэ киһи кэлэн үлэлээн, үөрэнэн барда. Майя Семеновна эппитин курдук, бу улахан десант кэнниттэн, Амма улууһуттан өссө элбэх бырайыактар оҥоһуллан, Арассыыаҕа да, өрөспүүбүлүкэҕэ да кыайыыны ситиһиэхтэрин баҕарабыт.
“Амма олоҕо” хаһыат