Амма улууһун бааһынайдара бэйэ бэйэлэригэр куруутун көмөлөһөр, баар үлэни түмсэн үмүрү тутар үтүө үгэстээхтэр. Онон сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайан, бааһынайдар ортолоругар чахчы “100 солкуобайдаах буолума, 100 доҕордоох буол” диэн бэргэн этии оруобуна сөп түбэһэр.
“Биһиги бу курдук ким хайа сололооҕунан бэйэ бэйэбитигэр тиийэн субуотунньуктуур буолбуппут хас да сыл буолла. Ол курдук күрүө оҥоруутугар, дал да ыраастааһыныгар, олбуор да хомуйуутугар, быһатын, туох кыаллыбакка турар үлэҕэ барытыгар саба түһэн көмөлөһөбүт, кыра да буоллар, кыайтарбакка сылдьар дьыаланы иннин диэки сыҕарытарга күүс-көмө буолабыт. Бэҕэһээ Эмискэ бара сырыттыбыт. Манна Афанасий Афанасьевич Бубякиҥҥа тиийэн, “Гамма” кафеҕа сибэкки олортубут, штакетниктары кырааскалаатыбыт. Онно анаан 100 араас көрүҥ сибэккини илтибит. Билэргит курдук Эмис нэһилиэгэ Амма улууһугар киириигэ бастакы нэһилиэк буолар. Элбэх ыалдьыт кафеҕа сылдьан ааһыа. Эмискэ да киирэ сылдьыа. Онон манна тупсаран оҥоруу үлэтигэр кыратык да буоллар көмөбүтүн оҥордубут, кэккэ сүбэлэрбитин биэрдибит. Түгэнинэн туһанан биһиэхэ сибэкки биэрбит “Кэнчээри” бааһынай хаһаайыстыбаҕа, оҕуруотчут Елена Николаевна Степановаҕа дириҥ махталбытын тириэрдэбит”, — диэн Амма улууһун бааһынайдарын Ассоциациятын салайааччыта Александра Цыпандина сырдатта.
“Амма олоҕо” хаһыат