“Бааһынайдары өйүүр бырагырааманы сэргиибин”

Амма улууһун бааһынай хаһаайыстыбаларын Ассоциациятын салайааччыта Александра Цыпандина Дойду бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин “Бааһынайдары аны даҕаны өйүөхпүт” диэн тылларыттан сэргэхсийэн олорор.

Александра Николаевна бааһынайдар улуустааҕы Ассоциацияларын салайбыта быданнаата, хара тэриллиэҕиттэн хаһаайыстыбалаахтар туһугар кыһаллыбыт-мүһэллибит үлэтин ааҕан сиппэккин. Кини бааһынайдары улуус тыатын хаһаайыстыбатын биир тутаах, сис дьонунан ааҕар, онон, баларга көмө өссө даҕаны көрүллэригэр Владимир Владимировичтыын сөрү диэн сөпсөһөр:
— Владимир Путин кэмпириэнсийэтигэр бааһынайдарга болҕомтотун уурда. Бүгүн баар араас бырагыраамалары сэргэ өссө да көмө оҥоһуллуоҕа диэбитин сөбүлүү иһиттим. Судаарыстыбаттан көрүллэр көмө додо курдук. Холобур, агростартап, дьиэ кэргэн граннара сүөһү, сылгы ыларга, хотон туттарга, уопсайынан хаһаайыстыбалар кэҥэттэллэригэр сүрдээх улахан тирэҕи биэрэр. Аммабыт улууһугар бааһынайдарга аналлаах бырагыраамалар үлэлиэхтэриттэн барыта холбоон 50-тан тахса киһи туһанна. Быйыл, холобур, Алтантан Иннокентий Спиридонов, Амматтан Степан Левин, Чакыртан Денис Иванов грант ыллылар. Эһиил икки бааһынай тыраахтыр ылан баран оо ороскуотун төнүннэрэр бырагыраамаҕа хапсаары сылдьаллар.

Олег ЕГОРОВ.

Читайте дальше