Бүгүн улуус баһылыга Степан Кузьмин уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы Ион Кононов бааһынай хаһаайыстыбалары кытары көрүстүлэр.
“Баччааҥы диэри тыа хаһаайыстыбатыгар улахан көмө үксүн тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга уонна бөдөҥ бааһынайдарга эрэ көрүллэрэ үгэскэ кубулуйда, онон орто сүһүөх бааһынай хаһаайыстыбалары өйүүр бырагыраамманы оҥоруохпут”, — диэн аан тылынан Степан Николаевич мунньаҕы саҕалаата. Хаһаайыстыбалары сайыннарар суолу тобуларга бааһынайдар тус баҕаларын, санааларын иһиттилэр, тыыппалаах өттүн бырагыраамманы оҥорорго туһаныахтара. Улуус баһылыга эһиилги бүддьүөккэ тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар 15 мөлүйүөнтэн итэҕэһэ суох харчыны көрүөхпүт, мантан 5 мөлүйүөнэ чопчу бааһынай хаһаайыстыбалары өйүүр бырагырааммаҕа туһуланыаҕа диэн мэктиэлээтэ.
Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы Ион Кононов сүөһү ахсаана лаппа көҕүрээбитин туһунан иһитиннэрдэ: “Быйыл сүөһүгэ былааммыт 12 365 буоллаҕына, 1200-чэ курдук тиийбэт. Бааһынай хаһаайыстыбалар тутар сүөһүлэриттэн 300-чэ, кэтэх хаһаайыстыбалаахтар 900-тэн тахса сүөһүнү көҕүрээттилэр”. Сүөһүнү “эһэр” сылтах элбэх — сүөһүнү көрөр дьон сааһырбыт, сүөһүнү көрөр үлэһит тиийбэт, уматык, тиэхэньикэ саппаас чааһыгар сыана ыараабыт. Ити барыта сыл аайы күүһүрэн тыа хаһаайыстыбатыгар охсуута улаатар кутталлаах. Онон, Ион Семенович бааһынайдары өйүүр бырагыраамма оҥоһуллан, үлэлии охсоро ирдэнэрин бэлиэтээтэ.
Сиһилии “Амма олоҕо” хаһыат аныгыс нүөмэригэр ааҕыҥ.
Олег ЕГОРОВ.