Амма нэһилиэгэр баар баанньык үлэлээбэтэҕэ ыраатта. Сайын тохтуоҕуттан аһылла илик. Олохтоохтор үгэс быһыытынан күһүн үөрэх дьылын көрсө аһыллар ини диэн сэмээр кэтэспиттэрэ. Ол гынан баран күн бүгүнүгэр диэри соҕотох уопсастыбаннай баанньыкпыт дьону сууннара ыҥыра илик. Биһиги баанньыгы көрөн-истэн үлэлэтэр МУП “Коммунсервис Амгинского района” салалтатыгар тахса сырыттыбыт.
“Баанньык үлэлээбэккэ турар сүрүн биричиинэтинэн сылытыы үлэтэ буолар. Баанньыгы сылытарга диэн аныгы гааһынан оттуллар газгольдер ылбыппыт. Дьиҥинэн алтынньы ортотугар бу оһоҕу аҕалыахтаахтар этэ да, ону аҕалар дьоммут тардан оһохпут күн бүгүнүгэр диэри кэлэ илик. Билигин кэпсэтии барарынан бу сыл түмүктэниэр диэри аҕалыахпыт дэн эрэннэрэллэр. Москуба аннынааҕы куораттан аҕалыллар. Оһох кэллэ да, тута монтажтаан туруоран, баанньыгы үлэлэтиэхпит. Хаһан кэлэрин чуолкай этэр кыахпыт суох. Онон баанньык бу кэмҥэ аһыллыа диэн биллибэт ”, — диэн МУП “Коммунсервис Амгинского района” дириэктэрэ Иван Слепцов билиһиннэрдэ.
Дьэ онон баанньыкпыт саҥа дьыл саҕана аһыллара биллибэт. Ол гынан баран дьыала хамсаабыт, хайа да түгэҥҥэ баанньык сабыллыбакка, олох тохтоон хаалбакка, үлэлииригэр эрэл баар. Аны кэлэн эрэнэ кэтэһэбит эрэ.
“Амма олоҕо” хаһыат