Баһыылкалары хомуйууга субуотунньук тэрилиннэ

Амма улууһун дьаһалтатын үлэһиттэрэ биир киһи курдук түмсэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт баһыылкалары хомуйууга субуотунньук тэрийдилэр.

“Биһиги аҕа баһылыкпыт Степан Николаевич сорук туруоран дойдуларын көмүскүү сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар барыахтаах баһыылкалары, хомуйан, наардаан  бэлэмнээтибит.  Ол курдук сорох уолаттарга тус бэйэлэригэр аадырыстаах баһыылкалар эмиэ бааллар. Баһыылкалары хомуйууга  улууспут олохтоохторо  бары кыттыстылар. Кинилэр көмөлөрүнэн уолаттарга раас бородуукта, таҥас-сап, ону сэргэ окуопаҕа туттуллар чүмэчилэр барыахтара. Дьоммут-сэргэбит баһыылка хомуйуутун ис сүрэхтэриттэн өйөөтүлэр. Манна нэһилиэктэрбит дьаһалталара улахан күүс буолан нэһилиэктэригэр хомуйан киллэрэн туттарбыттара. Уолаттарбытыгар дойдуларын аһыттан буотарах, убаһа быара, тоҥ хаан, собо уонна да атын ахтылҕаннарын таһаарар астарын эмиэ бааллар.

 

Ону дьэ бүгүн бу түмүгүнэн бары түмсэн субуотунньук оҥорон баһыылкалары барытын хомуйдубут. Сотору кэминэн баһыылкаларбыт туһааннаах сирдэригэр айанныахтара”, — диэн анал байыаннай дьайыылаахтарга оҥоһуллар көмөнү сүрүннүүр Туяра Васильева сырдатта.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше