Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уолаттарга күрэх ыытта

Амма лиссиэйин 2 «б» кылааһын үөрэнээччилэрин уолаттарыгар Аҕа дойду көмүскэлин күнүнэн төрөппүт, байыаннай дьайыы кыттыылааҕа младшай сержант, танка командира Илья Спартакович Малыкайцев «Чэйиҥ эрэ, уолаттар» строевой күрэх ыытта.

Күрэҕи ыытарга эдэр туристар станцияларын үлэһиттэрэ Чаприна А.Е уонна Дьячковскай Е.Е. көмөлөстүлэр.
Күрэх барыта 5 түһүмэҕинэн ыытылынна. Командирга араапарт эттилэр, маһынан хаамтылар, тэлиэгэлээх сүүрдүлэр, мэһэйдээх барьердары туораатылар. Уолаттар саамай сөбүлээбит бүтэһик түһүмэхтэрэ — сыал ытыыта буолла.

Түмүккэ маҥнайгы миэстэни Захаров Сема, 2-һи Чаприн Айхан, 3-һү Калачев Миша ыллылар. Маны тэҥэ күрэх бары кыттыылаахтарыгар анал ааттар иҥэрилиннилэр. Салгыы кыргыттар учууталларын Петрова Сахаяна Николаевналыын кэлбит бырааһынньыгынан алгыс тыллаах сэргэх ырыаларынан эҕэрдэлээтилэр. Оҕолор күрэҕи ыыппыт Илья Спартаковичка махтал тылларын кытта, кыайыы кынаттаах эргиллэн кэлэригэр баҕа санааларын эттилэр уонна бэйэлэрэ уруһуйдаабыт альбомнарын бэлэх ууннулар.

Наталия Рязанская.

Читайте дальше