Балаҕан ыйын 8,9, 10 күннэригэр ыытыллыбыт элбэх таһымнаах быыбарга, улуус олохтоохторо бэйэлэрин уокуруктарыгар үлэлиэхтээх дьокутааттары быыбардаабыттара. Барыта 10 уокурукка 19 дьокутаат талыллыбыта. Бүгүн кинилэр бастакы сессиялара ыытыллан, дьокутаат буолбуттарын туоһулуур дастабырыанньалары туттулар. Маны сэргэ Сэбиэт бэрэссэдээтэлин, солбуйааччытын уонна бастайааннай хамыһыйа бэрэссэдээтэллэрин таллылар.
Бастакы тэрээһин сессия Саха сирин уонна Амма улууһун өрөгөй ырыаларынан саҕаланна. Талыллыбыт дьокутааттары улуус баһылыга Степан Кузьмин эҕэрдэлээтэ. Кини бу иннинэ Софья Александрова бэрэссэдээтэллээх үлэлээн кэлбит дьокутааттар корпустарыгар махталын биллэрдэ уонна Софья Лаврентьевнаҕа улуус сайдыытыгар киллэрбит тус кылаатын сыаналаан туран, улуус үрдүкү наҕараадатын, улуус Бочуоттаах гражданина буолбутун туоһулуур дастабырыанньаны, үрүҥ көмүс түөскэ кэтиллэр бэлиэни дохсун ытыс тыаһын ортотугар туттарда.
“Мин бу биэс сыл устата бииргэ үлэлээн кэлбит дьокутааттарбар махталбын биллэрэбин. Бу кэмнэр усталарыгар биһиги Амма сайдарын туһугар элбэҕи үлэлээн, сокуон өттүнэн быһаарыылары ылан кэллибит. Саҥа талыллыбыт састаап эмиэ Аммаларын туһугар күүскэ, ис сүрэхтэрин ууран туран үлэлиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Тоҕо диэтэр, Амма биһиги чахчы да сүрэхпит чопчута буолар. Онон туох кыалларынан барытын кини чэчирии сайдарыгар оҥоруҥ, үлэлээҥ. Аммабыт барахсан сайда турдун, бары Амма туһугар ”, — диэн Софья Лаврентьевна санаатын тириэртэ.
Сэттис ыҥырыылаах Мунньах дьокутаата Вера Конникова үлэлээн ааспыт састаап аатыттан Софья Лаврентьевнаҕа дириҥ махталын тириэртэ, кини салалтатынан дьиҥ дьокутаат диэн кимин билбиттэрин бэлиэтээтэ, таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрин, саҥа састаапка ситиһиилэри баҕарда.
Амматааҕы территориальнай быыбардыыр хамыһыйа бэрэссэдээтэлэ Наталья Алексеева улуус дьокутааттарыгар мандаттарын туттарыан иннинэ, быыбар түмүктэрин билиһиннэрдэ. Ол кэнниттэн 31№дээх Амма-Уус Майа биир мандаттаах быыбардыыр уокуругар быыбардааччылар баһыйар куоластарын ылан Ил Түмэн норуодунай дьокутаат буолбутун бигэргэтэр мандатын Александр Корякиҥҥа туттарда.
Александр Иванович бэйэтин харда тылыгар өссө төгүл киниэхэ итэҕэллэрин биэрбиттэригэр махталын биллэрдэ, талыллыбыт улуус дьокутааттарын эҕэрдэлээтэ уонна салгыы инники биэс сылга бары бииргэ улуус иннигэр турар соруктары толорууга үлэлэһиэхпит диэн эттэ.
Мандаттары туттарыы чааһын кэнниттэн, дьокутааттар тэрээһин сессияларын ыыттылар. Сессияҕа талыллыбыт 10 уокуруктан 12 дьокутаата кэлбит. Атын 7 дьокутаат араас биричиинэнэн кыайан кыттыыны ылбатылар. Амма улууһун Устаабыгар олоҕуран, сессияҕа дьокутаат 50 бырыһыана баар буоллаҕына, куорум тахсан, манна ылыныллар быһаарыныылар сөптөөх буолан, сессия бэйэтин үлэтин саҕалаата. Талыллыбыт дьокутааттартан саамай аҕам саастаахтара саҥа бэрэссэдээтэл быыбарданыар диэри сессияны ыытар. Ол быһыытынан бастакы тэрээһин мунньаҕы 10 №-дээх Соҕурууҥҥу быыбардыыр уокуруктан дьокутаат Эльвира Пестерева салайан ыытта.
Мунньах бэрэссэдээтэлин быыбара кистэлэҥ куоластааһын быһыытынан барда. Хотугу 8№-дээх быыбардыыр уокуруктан дьокутаат Юрий Шишигин бэрэссэдээтэллээх мандатнай хамыһыйа үлэлээтэ. Куоластааһыҥҥа биир эрэ кандидатура, 5№-дээх Короленковскайдааҕы быыбардыыр уокуруктан дьокутаат Владимир Колосов турда. Куоластааһын түмүгүнэн биир санаанан улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн Владимир Колосов быыбарданна.
Онон салгыы сессияны салайан ыытта. Бастакы тэрээһин сессияҕа бастакы бастайааннай хамыһыйалары бигэргэтэн, састааптарын, бэрэссэдээтэллэрин таллылар. Маны сэргэ Сэбиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын талыыга эмиэ биир санаанан 8№-дээх Хотугу быыбардыыр уокуруктан Ион Кононов талылынна.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат