Үлэ Сылын түмүгүнэн бастыҥ бөрөһүтү талан наҕараадалыахтара. Ол туһунан улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Василий Бураев Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононовы уонна Экология инспекциятын салайаачыта Евгений Егоровы кытары көрсүһүүгэ быһаардылар.
Евгений Яковлевич этэринэн, Аммаҕа хас сыл аайы, ортотунан, сүүрбэччэ бөрө бултанар. Быйыл улуус үрдүнэн 15 бөрөнү бултаабыттар. Ол курдук, Чакырга, Бөтүҥҥэ, Бологурга уонна Аммаҕа 2, Абаҕаҕа 3, Олом Күөлгэ 3. Итиэннэ Бөтүҥҥэ 1, Абаҕаҕа 1 уонна Аммаҕа 2 тыатааҕыны бултаабыттар. Инспекция салайааччыта этэринэн, сыл бүтүөр диэри өссө биэс-хас бөрөнү бултууллара сабаҕаланар. Бөрө торҕонноон буулаатаҕына содула охсуулаах буолар. Холобур, иллэрээ сыл Булуҥҥа 327 табаны сотуун курдук сотон ааспыттара. Аммаҕа эмиэ дөрүн-дөрүн сылгыны тардар түбэлтэлэрэ тахсаллар. Онон, бөрөһүттэр, хайа эрэ өттүнэн, хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо улахан көмөнү оҥорор дьон.
Элбэх бөрөнү бултаабыттарга сылын аайы харчы төлөнөр. Быйыл бөрөһүттэри үүннүүр-тэһиинниир Сэбиэт тэрийэргэ сүбэлэстилэр. Сэбиэти улуус баһылыга Степан Кузьмин бэйэтэ салайыаҕа, солбуйааччынан Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононовы анаатылар. Итиэннэ Экология, Бэтэрэнэриийэ, Экэниэмикэ управлениетыттан дьону сыһыарыахтара. Бу Сэбиэт бөрөнү бултааччыларга сүбэ-ама оҥорор, наҕараада туттарар хамыыһыйа оруолун толоруоҕа.
Олег ЕГОРОВ.