Ааспыт ыйга Ил Дархан илиититтэн “Бастыҥ педагог” сэртипикээти туппут Амматааҕы Эдэр туристар станцияларын эбии үөрэхтээһинин педагога Григорий Попов үлэтэ үлүмнээн олорор. Холобур буолуон буолар үлэлээх педагог үөрэҕэ сынньалаҥ кэмигэр даҕаны тохтообот. Күһүҥҥү сынньалаҥ кэмигэр кини иитиллээччилэрин ханнык интэриэһинэй тэрээһиннэр күүтэллэрий?
1986 сыллаахтан үүнэр көлүөнэ иитиитигэр кыһамньытын, билиитин уурар иитээччи үлэтиттэн ончу сылайбат, төттөрүтүн, оҕолору кытта алтыһарыттан күүһүгэр күүс, эрчим эбэр диэн этэр. Билигин 3 группанан оҕолору нэдиэлэҕэ иккилиитэ ыҥыран дьарыктыыр. Маҥнайгы смена- Бушкрафт, бу Григорий Дмитриевич бэйэтин авторскай дьарыга. Манна алын кылаас үөрэнээччилэрин туризмы кытары билиһиннэрэр, бастакы үөрүйэхтэри иҥэрэр. Уһуйааччы бэлиэтииринэн, атын группаларга суох – үрдүккэ хатаастан тахсыы (скалолазание) бу программаҕа баар.
-Бастаан оҕолор үрдүктэн куттанааччылар, онтон кэлин олох моҕотой курдук сылдьар буолаллар. Оттон ортоку бөлөхтөрбүн хайыһарынан туризмҥа, улахаттары спортивнай ориентированиеҕа билигин дьарыктыы сылдьабын. Бу икки группаны сотору кэминэн хонуктаах походка илдьэ барыам. Оҕолор ойуур устун түүҥҥү походка сылдьалларын наһаа сөбүлүүллэр. Киэһэ хараҥарыыта хайыһарынан тыа устун станциябыт базатыгар сүүрэн тиийэн хонооччубут, бу үтүө үгэс кэһиллибэтэҕэ хас да сыл буолла. Хараҥа тыаҕа сирдэтинэргэ, уот отторго, тулуурдаах буоларга – оҕолор элбэххэ үөрэнэллэр. Аны Байанай ыйа үүннэ дии, бүгүн муус аннынан балыктааһыҥҥа сырыттыбыт. Уоппут иччитин аһатан, Байанайтан «мичик» гынарыгар көрдөһөн үөрэнээччилэрбэр айылҕаҕа сылдьыы кэһиллибэт сокуоннарын эттэригэр-хааннарыгар иҥэрэргэ кыһаллабын. Үнүр Күбээйигэ үппүт илиммит кэһиилээх көрсөн оҕолор астыныы, сэргэхсийии бөҕөлөрө. Онон олорон биэрэр соло суох,- диэн өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ педагога былааннарын үллэстэр, үлэтин сырдатар.
Дьэ, чахчы, Григорий Дмитриевич иитиллээччилэрин сэргэх сынньалаҥ күүтэр эбит. Отуттан тахса сыл ыстаастаах, уопуттаах педагог дьарыктарын оҕолор ол даҕаны иһин сөбүлүүллэр, астынан туран сылдьаллар.
“Амма олоҕо” хаһыат.