Бэйиэт кэрэ аҥардары кытта истиҥ көрсүһүү

Амматааҕы В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар бэйиэт кэрэ аҥардар  ааҕааччыларын кытта көрүстүлэр. Көрсүһүүгэ Амма айар куттаахтара сылдьаннар, астына кэпсэтэн, сүгүрүйэр суруйааччыларыгар боппуруостары биэрэн, кинигэлэригэр илиилэрин баттатан хааллылар. Дьахтар-суруйааччыларын десана Саха сирин суруйааччыларын Сойууһунан тэрилиннэ.


“Көрсүһүүнү кииннэммит бибилэтиэкэ эдэр ыччаттарыгар аналлаах кинигэ кулуубун чилиэнэ, олоҥхону толорооччу, Амматааҕы лиссиэй тэрийээччитэ Зинаида Бураева бу күн күндү ыалдьыт буолбут, Саха норуодунай суруйааччыта Наталья Харлампьева бастакы поэтическай хомуруунньугуттан «Аэроплан» диэн хоһоонун ааҕан арыйда.  Бу кэнниттэн Наталья Ивановна бэйэтин «Нэһилиэнньик» диэн хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ. Онтон бэйиэт, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Елизавета Мигалкина бэйэтин туһунан билиһиннэрдэ. Кини бу Аммаҕа үһүс сырыыта эбит. Бэйэтэ Үөһээ Дьааҥыттан төрүттээх, нуучча тылын учуутала, үс кыыс оҕо күн күбэй ийэтэ. Билигин фрилансер быһыытынан сылдьар. Ол курдук тылбаастыыр, нуучча тылыгар репетитордыыр. Ону таһынан тыл харыстабылын хамсааһыныгар үлэлиир. Ол “һөҕүҥ” диэн хамсааһынтан саҕаламмыт. Биир дойдулаахпытын Баһылай Харысхалы учууталым диэн этэр . Елизавета Мигаликина ийэ, дьиэ кэргэн, дьон сыһыанын туһунан суруллубут хоһоонун аахта. Бу хоһооно кини «Хаҥыл санаа хаһааҕа» диэн 2011 с. тахсыбыт хомуурунньугар киирбит. Бу кэнниттэн Лээги кийиитэ, Амманы иккис дойдутунунан ааҕар Александра Матвеева-Долгура санаатын үллэһиннэ. Кини Мэҥэ Хаҥалас улууһун Суолатыттан сылдьар. Куоракка Айыы кыһатыгар саха тылын и литературатын учуутала. Оҕо эрдэҕиттэн хоһоон айар эбит . 2004 с Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун көҕүлээһининэн «Эдэр суруйааччы сүбэтэ» диэн көрсүһүүлэргэ сылдьан хоһооннорун ааҕан биллибит. Онтон биир ыалдьыппыт бэйэбит биир дойдулаахпыт, “Алтан” издательство салайааччыта, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Зинаида Архипова буолла. Кини билигин Олоҥхо ыһыаҕар тахсыахтаах кинигэлэри бэлэмнээһиҥҥэ  улуус дьаһалтатын уонна бибилэтикэтин кытта үлэлэһэ сылдьар. Бу көрсүһүүгэ Зинаида Архипова хоһооннорун Галина Карамзина ааҕан иһитиннэрдэ. Дария Васильева — Амма Даайыс махталын этэн туран, аҥардас “О” эрэ буукубаттан тахсар хоһоонун аахта, кинигэлэрин суруйааччыларга билсиһиннэрдэ. Суруйар талааннаах Татьяна Семенова — Татыйаас бэйэтин боппуруоһун биэрэн, махтаммыта. Көрсүһүүгэ кэлбит дьон бары бэйиэттэри кытта ыкса көрсөн, кэпсэтэн, олус астыммыттарын бэлиэтээтилэр”, — диэн кииннэммит бибилэтиэкэ сүрүн бибилэтиэкэрэ Алена Семенова сырдатта.

 

 

Истиҥ көрсүһүү кэнниттэн кэлбит бэйиэт далбардар кинигэлэрэ атыыланна уонна онно ким баҕалаах илии баттатан ылла. Ол кэнниттэн уопсай хаартыскаҕа түстүлэр. Бары көрсүһүүттэн олус астынан, астына ыйыталаһан, кэпсэтэн тарҕастылар.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше