Бэтэрээн педагогка мас түөрэн аҕалан биэрдилэр

Амма орто оскуолатыгар өр сыл начальнай кылаас учууталынан үлэлээбит Екатерина Сидорова Дьокуускай куоракка олохсуйан олорор. Дойду ахтылҕана күүстээх буолан, быйыл Чапчылҕан нэһилиэгэр, Амма өрүс биэрэгин кыйа олорор Промкомбинат түөлбэтигэр дьиэ атыылаһан сайыны атаарда. Бэтэрээн педагог көрдөһүүтүн быһа гыммакка, күһүҥҥү ылааҥы күн Чапчылҕан нэһилиэгин дьаһалтата мас аҕалан биэрдэ.

Дойдум ахтылҕана күүстээх буолан, бэс ыйын бүтэһик күннэрин диэки дойдубар, Аммаҕа кэлэн, өрүс үрдүгэр Промкомбинакка эргэ да соҕус буоллар , дьиэ ылан сайылаатым. Туох да үчүгэйэ сүрдээх. Дьиэм аттыгар тиэргэҥҥэ сахалыы балаҕан туттаран, ыра санаам баҕата туолла. Быйыл дойду үрдүнэн педагог уонна наставничество сылынан , ыччаттарга өрүү холобур буоллун диэн , тиэргэммитигэр мас олорторон астына олоробут . Манна миэхэ өрүү көмө буола турар Чапчылҕан  нэһилиэгин баһылыга Дьулустан Авксентьевич  Юшков уонна түөлбэбит салайааччыта, эрчимнээх эдэр киһи  Айаал Елисеев  мас олордор туһунан этиибин  тута өйөөн, бэрт түргэнник  мас аҕалан биэрдилэр. Ону дьэ  үөрэ — көтө бэйэбит олортубут.  Бу хамсааһын махталлаах, кэскиллээх,  үйэлээх диэммин кыттыспыт ыччаттарбытыгар, нэһилиэк салалтатыгар улахан махталбын тиэрдэбин”, — диэн Екатерина Николаевна үөрүүтүн үллэстэр.

 “Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше