Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатыгар Россия худуоһунньуктарын чилиэнэ, Саха сирин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биир дойдулаахпыт Николай Николаевич Рязанскай 36 хартыынатын быыстапката турда.
Быыстапка аһыллыытыгар Бөтүҥҥэ олорор аймахтара — 8 кылаас үөрэнээччитэ Валерия Рязанская уонна кини төрөппүттэрэ кыттыыны ыллылар. Валерия бэйэтин уруһуйун бэлэх уунна.
Ону тэҥэ нэһилиэкпит баһылыга Алексей Николаевич Никитин махтал сурук туттарда.
Актовай саалаҕа күн устата худуоһунньугу кытта кылаастарынан көрсөн кэпсэттибит. Бары үлэлэрин сэргии көрдүбүт, олус астынныбыт. Нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ биһигин кытта кэлэн көрөн, дуоһуйа сынньанан, сэргэхсийэн бардылар.
Амма улууһугар Олоҥхо сылын көрсө саҥа уруһуйдаан саҕалаабыт «Олоҥхо» сериятыттан биир айымньытын ордук сөҕө-махтайа көрдүбүт. Аҕыйах ыйытыыга эппиэттииригэр көрдөстүбүт.
—Үтүө күнүнэн Николай Николаевич! Наһаа үчүгэй хартыыналары аҕалбыккыт. Саамай табыллыбыт, сөбүлүүр хартыынаҕыт диэн баар дуо?
— Хартыыналарым бары үчүгэйдэр, сүрэҕим ортотунан аһаран уруһуйдуур буоламмын бэйэбэр чугастар. Ордук сөбүлүүрүм диэн суох.
-Оҕолорго баҕа санааҕыт?
— Кыра саастан уруһуйдааҥ, кэрэни кэрэхсээҥ. Төрөппүттэр оҕо баҕатын өйөөн, сайыннарыҥ.
—Уруһуйдьут буоларга туох нааданый?
—Уруһуйдуу үөрэнэргэ баҕа наада.
Быыстапка тэриллиитигэр оскуолаҕа күүс көмө буолла олохтоох дьаһалта.
Бөтүҥ орто оскуолатын Пресс-киинин кэрэспэдьиэнэ Яковлева Сайнаара, 7 кылаас үөрэнээччитэ.