Бүгүн Амма улууһуттан хас даҕаны киһилээх делегация анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытыгар гуманитарнай көмө тиэрдэр сыаллаах командироваҕа турунна. Ону билэннэр, Бөтүҥ оскуолатын оҕолоро эмиэ кылааттарын киллэрдилэр — бэйэлэрэ Амма бурдугуттан оҥорбут утахтарын, харысхаллары, суруктарын ыыттылар.
Ол курдук Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара, үлэһиттэрэ уонна 8 кылаас уолаттара Иванов Айдын, Неустроев Максим, Дьяконов Радмир, Иванов Станислав Амматтан сылдьар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан бэйэлэрин илиилэрин сылааһын иҥэрэн 30 устуука харысхаллары оҥордулар. 8 кылаас кыргыттара уонна Самсонова Туяра Петровна, Мартынова Вилена Дмитриевна, Дьячковская Саина Ивановна, Скрябина Евдокия Аркадьевна үрүҥ сиэл иилэн, алҕаан көмөлөстүлэр. «Харысхал» бырайыак салайаачытынан информатика учуутала Ефремов Гавриил Михайлович буолар.
Биир дойдулаахтарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕа санааларын биллэрэн, хорсун-хоодуот саллааттарга анаан «Письмо солдату» 2 кылаастарга технология уруогун кэмигэр Назарова Ида Иннокентьевна уонна 3 кылаас үөрэнээччилэрэ, кылаас салайааччыта Давыдова Ньургуяна Ивановна уонна 5 кылаас үөрэнээччитэ Романова Эльвира бэйэтин баҕатынан кыттыһан, барыта 38 истиҥ, үтүө баҕа санаалаах сурук сурулунна.
Маны таһынан Арассыыйатааҕы «Көмүс күһүн-2024» агробыыстапкаҕа боруонса мэтээли ылбыт «Аромат Амгинских полей» диэн эбиэстэн уонна сэлиэһинэйтэн утах бородууксуйаны 8 уонна 10 кылаас үөрэнээччилэрэ 80 устууканы бэлэмнээн ыыттылар. Салайааччы — үлэ учуутала Степанов Сандал Михайлович, итиэннэ Дьячковская Дайаана Ильинична кинилэргэ көмөлөстө.
Кэһиибитин эһиил буолар Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаан 80 сууну бэлэмнээтибит, барыта 400 устуука чэйи ыыттыбыт. Бу бырайыагы олоххо киллэрсибит 8 кылаас үөрэнээччитэ Марков Гена бэйэтин санаатын үллэһиннэ:
«Байыаннай дьайыы бүтэрин күүтэбит. Оҕолорбут саҥа бородууксуйаларын ыыттыбыт. Биһиги эмиэ кыра сэмэй кылааппытын киллэрэрбититтэн үөрэбин. Сотору Аммаҕа сыл аайы буолар Идэһэ дьаарбаҥкатыгар киирэн атыылыам уонна көмө харчы ыытыам дии саныыбын».
Бу уустук быыһык кэмҥэ төрөөбүт ыырдарыттан тэйэн, ыраах сылдьар дьоммутугар биир дойдулаахтарбытыгар Аммаларга биһиги үөрэнээччилэрбит ис сүрэхтэн оҥорбут бэлэхтэрэ, суруктара күүстэригэр күүс, тыыннарыгар тыын эптин. Дойдуларын ахтылҕанын уҕарыттын.
Мария Иванова.