Аҕа дойду көмүскээччилэрин күннэригэр Бөтүҥ нэһилиэгин дьаһалтата Дьокуускай куоракка «Алмаас» реабилитационнай кииҥҥэ көмө оҥоруута үтүө үгэскэ кубулуйда. Ол үтүө үгэс быйыл эмиэ кэһиллибэккэ, нэһилиэк баһылыга Алексей Никитин кииҥҥэ киирэ сырытта, көмөлөрүн тириэртэ, биир дойдулаахтарын кытта көрсөн иһирэхтик кэпсэттэ, сонуннарын билиһиннэрдэ.
Эдэр баһылык “Алмаас” НКО кииҥҥэ биир дойдулаахтарын өйүүр соруктан күүс-көмө оҥороро хайҕаллаах, атын улуустарга, нэһилиэктэргэ үтүө холобур буолуон да сөп. Коммерческайа суох тэрилтэ диэн үксүн күүстээх бэйэ хамсаныытынан дьиэ-уот, үп-ас, исписэлиис булунан үлэлиир чааһынай тэрилтэ буолар. Киин өрөспүүбүлүкэ бары салайар уорганнарын кытта ситимнээхтик үлэлэһэн араас граннарга кыттар. Саха сирин бары муннугуттан инбэлиит, ускул-тэскил олохтоммут, аһыы утахха ылларан олоҕо айгыраабыт, хара дьайга ылларан өйө-санаата ыһыллыбыт, сүлүһүрбүт, хаайыыга өр сытан доруобуйаларын сүтэрбит эр дьон “Алмааһы” иккис дьиэ оҥостон олохсуйан олороллор. Бөтүҥ нэһилиэгин эдэр баһылыга Алексей Никитин оҕо сааһыттан билэр биир дойдулаахтара араас дьылҕаланан ускул-тэскил олохтоммут дьонугар өрүү көмөлөһөр сатабыллаах салайааччы, көрүнэн-нарынан үлүһүйбэккэ дьиҥ олох кыһалҕатыгар болҕомто уурар баһылык үүнэн эрэр. Этиллибит тылы, көрдөһүүнү, туһаайыыны сыыска-буорга түһэрбэккэ сыта-олоро толкуйдаан Бөтүҥ нэһилиэгин хаһаайыстыбаларын, маҕаһыыннарын, тэрилтэлэрин, аймахтарын хамсатан бу экономическай кыһалҕа бөрүүкээбит кэмигэр добуочча элбэх ас-үөл бөҕөтүн, ол курдук кууһунан эти, куһу-балыгы, отону, иһи-үөһү, бурдук аһын, куулунан хортуоска уо.д.а., былырыын-быйыл тиэйэн, тус бэйэтинэн аҕалан кудуччу кутан сэмэй сахалары, омуннаах омуктары үөрдэр. Нэһилиэк бу хамсааһыныгар “Чолбон” бааһынай хаһаайыстыба (салайааччыта Иванова П.П.), “Центр” маҕаһыын (Яковлев Ф.В.), Елена Николаевна Степанова, Илья Юрьевич Сутаков, Федор Константинович Неустроев уонна да атыттар күүс-көмө буоллулар.
Баһылык Алексей Николаевич кииҥҥэ олорооччулары хас биирдиилэрин кытта алтыһан сирдээҕи кыһалҕаларын үллэстэр, нэһилиэк олоҕун кэпсиир. Биир дойдулаахтара дойдуларын аһын аһаан харахтара сырдыырын, уйулҕалара уоскуйарын көрүөххүт этэ. Олоҥхоҕо курдук махтаммат саха манньыйар, тоҥ нуучча ирэр, кытаанах киһи сымныыр, өһүөрбүт холкутуйар буолар эбит. Бөтүҥ нэһилиэгин дьаһалтатын кылаабынай исписэлииһэ, бэтэрээннэр Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Тамара Прокопьевна Давыдова биир дойдулаахтара бу кииҥҥэ киирэллэригэр элбэхтик сүүрэр-көтөр кыһаллар, кинилэр сылаас, отуллубат, бары өртүнэн толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олороллоро ордугун быһааран биир дойдулаахтарын олохторун тупсарда. Тамара Прокопьевна курдук түүннэри-күннэри сүүрэр ыарахан үлэтигэр бэриниилээх үлэһити күн бүгүн булар уустук. Хас биирдии аһыы утахха ылларбыт дьиэ кэргэни кытта үлэлэһэрин, бэттэх аҕаларын төһө баҕарар кэпсиэххэ сөп. Былырыын «Алмааска» улуустааҕы «Амма олоҕо» хаһыаты суруйтаран абыраабыта даҕаны, быйыл атын киһи ылсыбыта күн бүгүнүгэр диэри мэлигир. Бу кииҥҥэ аҥардас Амма улууһуттан 17 киһи сылдьан абыраммыттара, бэттэх кэлбиттэрэ. Ый да, сыл да киһи аһыы утаҕынан үлүһүйбэтэҕинэ, этэ-хаана чэбдигирэн, туруга тупсан: «Хайдах иирэ сылдьыбыппыный, олохпун алдьаппыппыный? Ойохпун, оҕолорбун сордообуппунуй? Билигин эдэрим буоллар атыннык олох олоруом этэ» диэн кэмсинэр саҥа иһиллэр буолааччы. Аймахтары, уруулары кытта ситимнэһэргэ ватсаапка «Уйан уйулҕа» диэн чаат арыйан ситимҥэ олороллор. Ардыгар ускул-тэскил олохтоммут аймахтан сиргэнэн, хомойон олохторуттан сотон кэбиһэллэр, ол оннугар ыты-куһу аһаппытым ордук диэн буолар. Ол гынан баран дьиэ кэргэн биир ньыгыл систиэмэттэн турар, аһары быраҕыы, кыйдааһын тайыылаах буолуон сөп, үүнэ турар кудук мастан мутугун тоһутуу кэриэтэ. Саха киһитэ анаарыылаах, онон үгүс быһаарыыта суох өрүһүйэр өбүгэ ситиминэн өйдүөххэ сөп. Бүтүн нэһилиэк, алаас, уулусса, олбуор, аймах кэлэйиитэ диэн антах хайыһыыта сүрэ бэрт да курдук. Манна даҕатан эттэххэ Бөтүҥ нэһилиэгэ куоракка олохсуйбут биир дойдулаахтарын «Бөтүҥ Түмсүүнү» кытта сомоҕолоохтор, уопсай үлэлэрэ элбэх. Эр Хоһуун күнүгэр бэрт бэлэҕи өрүү тутар бары реабилитаннар бөтүҥнэргэ махтаналлар. Айыы аймах аһыныгаһын тухары кэлэр кэнчээри кэскиллээх, үнүгэс үүнүүлээх, саха сайдыылаах буоларыгар бүк эрэнэбин. Бөтүҥнэр ускул – тэскил олохтоммут дьоннорун билинэллэрэ, ыытыллар социальнай-психопрофилактическай үлэни сыаналыыллара, төһө кыалларынан өйүүллэрэ сарсыҥҥылаахпытын кэрэһэлиир, кыайыыга кынаттыыр.
Тамара ЕГОРОВА, психолог