Амма чулуу уола Василий Васильевич Федоровы биир этиинэн билиһиннэрэр кыаллыбат курдук. Дэгиттэр учуутал, салайааччы, советскай-партийнай, судаарыстыбаннай үлэһит, элбэх кинигэ ааптара, общественник туһунан төһө баҕарар элбэҕи кэпсиэххэ сөп. Киэҥ эйгэҕэ биллэр эколог төрөөбүтэ 75 сылыгар анаммыт ахтыы киэһэтэ истиҥ тыыннаах буолла. Василий Васильевичтыын алтыспыт дьон хас биирдиилэрэ кэллиэгэлэрин, аҕа сүбэһиттэрин саныыр, ахтар тэрээһиннэрэ хойукка диэри салҕанна.
Анатолий Черемных аатынан оҕо искусствотын оскуолатын киэҥ, сырдык уораҕайыгар буолбут көрсүһүүнү улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова иилээн-саҕалаан ыытта. Ахтыы киэһэтигэр Василий Васильевич кыыһа Лада Васильевна Москва куораттан анаан-минээн айаннаан кэлэн, уола Александр Васильевич, бииргэ төрөөбүт быраата Егор Васильевич кыттыыны ыланнар аҕаларын, бырааттарын биир дойдулаахтара умнубаттарын, үлэлээбит үлэтин үрдүктүк сыаналыылларын көрөн, истэн үөрдүлэр.
Василий Васильевич Федоров – СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ айылҕа харыстабылын туйгуна, философскай наука кандидата, Соморсун, Амма нэһилиэктэрин, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Кини улуус үөрэҕин тэрилтэлэригэр элбэх саҥа сүүрээннэри киллэрбит новатор салайааччы быһыытынан биллэр: агрооскуола, прогимназия, педгимназия, «Үүнээйис» норуоттар икки ардыларынааҕы саха-немецкэй лааҕыр, Амма Наахара оскуолатын базатыгар хоту улуус оҕолорун сынньатар лааҕыр, эдэр натуралистар станциялара курдук саҥа үөрэх тэрилтэлэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан психологическай сулууспа баар буолбуттара. Оскуолалар, уһуйааннар материальнай-техническэй базаларын хаҥатыыга күүстээх үлэ барбыта. Вычислительнай техника уонна информатика отдела үлэлээбитэ, «Амма» ТВ биэриилэрин саҕалаабыта. Бу барыта сатабыллаах салайааччы быһаччы туруорсуутунан, кэпсэтиитинэн ситиһиллибитэ.
Василий Федоров бэйэтэ историк буолан, элбэхтик ааҕара, историяны үөрэтэрэ. Ол курдук кини Амма улууһун историятыгар, Амма өрүс харыстабылыгар элбэх үлэни ыыппыта. Ол түмүгэр «История Амгинского улуса в датах», «Амгинский улус: история, традиции, обычаи», экологияҕа 3 монография: «Экология верхней Амги», «Экология средней Амги», «Экология нижней Амги», «Становление научной мысли в Амге» диэн кинигэлэр күн сирин көрбүттэрэ, күн бүгүҥҥэ диэри үөрэх, экология үлэһиттэрэ остуолларыгар уура сылдьан туһаныллаллар. Аҥардас Амма өрүһүн уутун хачайдыыры бопсон сүҥкэн үлэтин иһин үүнэр көлүөнэ кини аатын билиэхтээх, махтаныахтаах. Ольга Петровна Иванова — Сидоркевич, Дмитрий Спартакович Емельянов, Дмитрий Дмитриевич Саввинов курдук биир санаалаах дьону түмэн төрөөбүт-үөскээбит айылҕабыт чөл хааларын Бүтүн Дойду таһымыгар туруорсубуттара.
Дириҥ билиилээх, философскай өйдөөх-санаалаах, инникини өтө көрөр, үчүгэй хаһаайыстыбанньык, дьиҥнээх патриот, үрдүк таһымнаах салайааччы Василий Васильевич туһунан кинини кытта үлэлээбит, биир үксүн кини салалтатынан үлэлэрин саҕалаабыт оччолорго эдэр исписэлиистэр, билигин бэйэлэрэ салайааччы дьон наһаа истиҥник, иһирэхтик ахталлар. Өр сыл үөрэх управлениетыгар үлэлээбит, улуус быыбар хамыыһыйатын салайбыт Александра Шестакова, үөрэх управлениетын начальнигынан үлэлээбит, билигин оҕо искусствотын оскуолатын дириэктэрэ Любовь Заварзина, лицей дириэктэрэ Дария Захарова, поэтесса Саргылана Гольдерова, үөрэх салататыгар бииргэ үлэлээбит коллегата, психолог Тамара Егорова, «Айыы намыһын» бырайыак ааптара Клара Кириллина үлүскэннээх үлэлэрин кэмнэрин ахтан, уруккуну-хойуккуну санаан ыллылар.
Ахтыы киэһэтин биир бэлиэ түгэнэ — Нюргуяна Ивановна Василий Васильевич чугас дьонугар аҕаларын мэтириэтин бэлэхтээтэ. Үлэ ааптарынан эмиэ биир дойдулаахпыт, биллэр худуоһунньук Николай Николаевич Рязанскай буолар. Маны тэҥэ бу киэһэ дэгиттэр салайааччыга анаммыт быыстапка Амматааҕы кииннэмит библиотека үлэһиттэрин күүстэринэн туруоруллан, онно баар сэдэх кинигэлэр ыалдьыттар сэҥээриилэрин ылыахтарын ыллылар.
«Амма олоҕо» хаһыат.