Аммабыт улууһугар XVII өрөспүүбүлүкэтээҕи Олонхо ыһыаҕа буолара 100 хонук хаалбыт үөрүүлээх бэлиэ күнүн Болугурдар үрдүк таһымҥа тэрийдилэр.
Кулун тутар 12 күнүгэр “Орто туруу дойду төрүт кэскилэ — Олоҥхо” диэн ааттаан «Колосок» уһуйаан иитиллээччилэрэ, Е.Е. Пахомов аатынан Болугур орто оскуолатын учуталлара кыттыылаах өбүгэ үгэһин утумнаан ситии салама баайан, Ю.П. Борисов «Алаҥхаҕа төрөөбүт айаас ала аттаах Ала Булкун» олоҥхоттон быһа тардан, М.А. Ноговицын аатынан култуура кииниттэн нэһилиэк тэрилтэлэрэ, оскуола оҕолоро общественнай түмсүүлэр сахалыы таҥнан сэлэлээн хааман сынньалаҥ пааркабытыгар тиийэн үөрүүлээх тэрээһиммитин ыыттыбыт.
Нэһилиэк баһылыга Андрей Никитич Петров, Амма улууһун, Болугур нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо СӨ муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ, тыа сирин бастыҥ баһылыга Софронова Мария Васильевна эҕэрдэ тылларынан, «Орто туруу дойду төрүт кэскилэ – Олоҥхо» анал ытык бэлиэ күн саргылаах ситии саламаҕа, баҕа санаа бастыҥын анаан таҥас кырадаһынын баайан, Алгыстаах алаадьынан ытык маспытын аһатан, көҥүл ылан арыйдыбыт. Бу күн нэһилиэкпит тэрилтэлэрэ Олоҥхо ыһыаҕар ананан тигиллибит олбохторун баһылыкка туттардылар. Саха сахатынан кэрэ, кини уус удьуора, мындыр өйө, сырдык санаата, баҕарар баҕата түмүллүбүт тылынан уус-уран сүдү айымньыта олоҥхо бүтүн аан дойдуга аатырда, саха аатын ааттатта. Аммабыт улууһугар ыытыллар Олоҥо ыһыахпытын бары биир санаанан салайтаран, түмсэн үрдүк таһымҥа ыытарбыт барыбыт сыалбыт — сорукпук буолар.
Саллар саас тухары – олоххо,
Саханы үрдэтиэ – олоҥхо.
Евдокия Платонова.