Билиилэрин хаҥатыахтара, таһымнарын үрдэтиэхтэрэ

“Үс хатыҥ” туристическай базаҕа тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлиир бухгалтердар, экэнэмиистэр өрөспүүбүлүкэтээҕи семинарга түмүстүлэр.  Бүгүн семинары үөрүүлээхтик астылар. Икки  күн устата кинилэр билиилэрин хаҥатыахтара, таһымнарын үрдэтиэхтэрэ.

Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтин бухгалтердарын уонна экэнэмиистэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи семинардарын кыттыылаахтара.

Маннык билиини үрдэтэр семинардары биһиги сыллата ыытабыт. Билигин тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үгүс элбэх бырагыраамалар үлэлииллэр. Маны сэргэ биһиги эйгэбит 150-ча тэрилтэтэ 1 С бырагыраамаҕа көһүөхтээх. Билигин онтон 96 тэрилтэ көспүтэ. Онон бириэмэ ирдэбилинэн тыа хаһаайыстыбатын салаата эмиэ цифровой трансформацияҕа киирэр. Дьэ ол иһин суот –учуот үлэһиттэрэ билиилэрэ улаатыахтаах. Бу салааҕа көрүллэр 14 млрд курдук солкуобайтан улахан  аҥара улуустарынан тыырыллар. Ону дьэ онно баар олохтоох бухгалтердар, экэнэмиистэр сөптөөхүк көрөн тыыран, тиийэр үп көдьүүстээхтик туһанылларын ситиһиэхтээхтэр. Онон кинилэр оруоллара улахан. Ол иһин бу семинарга “1 С”  тэрилтэттэн, ону сэргэ бэйэбит министиэристибэбит иһинэн баар үп-харчы салаатын департаменнарын исписэлиистэрэ, нолуок инспекциятыттан  кэлбит семинар кыттыылаахтарыгар кэпсиэхтэрэ, быһаарыахтара, үөрэтиэхтэрэ”, — диэн СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин э.т. Петр Попов этэр.

Кырдьык да билигин тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлиир дьоҥҥо судаарыстыбаттан араас бырагыраамалар көмөлөрүнэн элбэх үп-харчы тыырыллар. Ону сөптөөхтүк туһанарга саамай көмөлөөх дьоннорунан бухгалтердар, экэнэмиистэр буолаллар. Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов “биһиги хайдах да бухгалтердара уонна экэнэмиистэрэ суох табыллыбаппыт. Саамай наадалаах дьоммут” диэн бэлиэтиир.  Кэлбит ыалдьыттары, семинар кыттыылаахтарын СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин э.т. Петр Попов, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Бураев, Покровка нэһилиэгин баһылыга Надежда Карпович  эҕэрдэлээтилэр.  Арыллы үөрүүлээх чааһыгар бастыҥ суот -учуот үлэһиттэрэ наҕараадалары туттулар.

Семинарга уопсайа 30 улуустан 153 кыттааччы кэлэн үөрэнэ сылдьар. Кинилэр бары маннык тэрээһин олус наадалааҕын, хайаатар да билиини хаҥатыыга маннык үөрэхтэр барыахтаахтарын, бэйэ бэйэлэрин көрсөн уопут атастаһалларын эттилэр уонна тэрийээччилэргэ махталларын тириэрдэллэр, өссө да бу курдук үөрэтэ туралларыгар баҕараллар. Амма сирэ-уота кыраһыабайын, наһаа үчүгэйдик көрсүбүттэрин астына бэлиэтииллэр.

Хаартыска:  Катерина Новикова.  Ааптар: «Амма олоҕо» хаһыат

Читайте дальше