Бильярд күрэҕэ үлэһит киһиэхэ ананна

Амма нэһилиэгэр баар “Фаворит” бильярднай кулуупка Чурапчы улууһа кыттыылаах турнир буолан ааста. Бу турнир бильярд спордун көҕүлээччи, улуус бастыҥ оонньооччута, тутуу бэтэрээнэ Михаил Неустроев 65 сааһыгар ананан ыытылынна.

Күрэхтэһии саҕаланыан иннинэ истиҥ эҕэрдэлэр этилиннилэр. Ол курдук Михаил Ильич Неустроевы улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова эҕэрдэлээн “Амма киэн туттуута” түөскэ кэтэрдиллэр бэлиэни туттарда. Чурапчы улууһуттан кэлбит хамаанда салайааччыта, Амма улууһун бильярдистара куруутун бииргэ көрсөр коллегалара, бильярд спордун тарҕатааччы  Степан Барашков эҕэрдэ тылын анаан туран, хамаанда аатыттан уот генераторын бэлэхтээтэ. Онтон Амма бильярдистарын аатыттан биир уопуттаах оонньооччу Николай Попов эҕэрдэлээн Болугур маастара Степан Устинов туой иһиттэрин наборун бэлэх уунна. “Фаворит” кулууп салайааччыта Григорий Аммосов эмиэ истиҥник эҕэрдэ тылларын тириэрдэн Арассыыйа худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ Николай Рязанскай уруһуйдаабыт Михаил Ильич мэтириэтин туттарда.

“Турнирбыт икки остуолунан барда. Ол курдук саастарынан араарыллан буолла. 55-гэр диэри уонна 55-тэн үөһээ диэн. Онно 55 саастарыгар диэри 21, онтон 55-тэн үөһээ 24 киһи регистрацияланан күрэхтэстилэр. Чурапчыттан бэйэбит куруутун алтыһар, күрэхтэһэр табаарыстарбытын ыҥыран, үбүлүөйдээх киһибитин убаастаан, 12 киһилээх хамаанда кэлбитэ. Михаил Ильич биһиги олус ытыктыыр табаарыспыт, кэллиэгэбит, убайбыт, бырааппыт буолар. Онон кини үбүлүөйүгэр анаан бу турниры ыыттыбыт. Кини Амма улууһугар тутууга бэрт уһуннук, арахсыбакка үлэлээбит дьонтон биирдэстэрэ. Михаил Ильич элбэх мас да, таас да тутууларга үлэлээбитэ. Ол курдук холобура “Мир” кыбаарталга 18 кыбартыыралаах хас да мас дьиэни, Покровкаҕа сибиинньэ ферматыгар хотону, Аммаҕа таас “Радуга”, “Биһик” (“Сардаана”) детсадтары, “Амма” киинэ тыйаатырын, Федот Потапов аатынан култуура таас дьиэтин тутуспута. Ити сүрүннэрэ. Кини эдэр сааһыттан олоҕун тутууга анаабыта. Бу күн кини тапталлаах кэргэнэ Владилена Васильевна кэлэн олоҕун аргыһын туһунан, дьиэ кэргэнин туһунан сүрдээх истиҥник кэпсээн билиһиннэрдэ. Михаил Ильич тапталлаах аҕа, эһэ буолар”, — диэн турниры көҕүлээччи, тэрийээччи Григорий Аммосов сырдатар.

Түмүк хайдах таҕыста? Күүрээннээх киирсиилэр кэннилэриттэн  55-гэр диэри саастаахтарга 3-с миэстэни Сатаҕайтан Петр Соловьев, Алтантан Мичил Пахомов, 2-с миэстэни Болугуртан Савва Антипин, онтон чемпион үрдүк аатын Амматтан Сандал Кожуров ыллылар. Онтон 55-тэн үөһээ саастаахтар икки ардыларыгар киирсиигэ 3-с миэстэни Эмистэн Галина Куприянова,  Амматтан Григорий Аммосов, 2-с миэстэни Чурапчыттан Степан Барашков ыллылар. Онтон чемпионунан Амматтан Игнатий Гаврильев буолла. Манна даҕатан эттэххэ Игнатий Иванович күрэхтэһии кылаабынай судьуйатынан эмиэ үлэтээтэ. Бары кыайыылаах тахсыбыттарга үбүлүөйдээх Михаил Неустроев бэйэтин бэртээхэй, сааскы куска анаммыт сыаналаах бириистэрин туттарда.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше