Болугур оскуолата аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттыһар

Е.Е. Пахомов аатынан Болугур орто оскуолата Амма улууһун “Амарах сүрэх” уопсастыбаннай хамсааһын (сал. Р.В. Алексеева) ыытар аахсыйаларыгар биир саамай көхтөөх кыттыыны ылар, өйүүр оскуоланан буолар.

“Биһиги оскуолабыт бары үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ, оскуола коллектива, бэтэрээннэрэ  анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаммыт «Амма с вами» аахсыйаҕа көхтөөхтүк, биир киһи курдук кыттан, кааска иһинэн кэтиллэр 120 бэргэһэ, 100 кээнчэ тигэ сылдьаллар, биир дойдулаахтарыгар илиилэрин сылааһын, үтүө баҕа санааларын ыыталлар.

 

Маны таһынан эмтээх оту хомуйар дьарыктаах Мария Евсеевна Петрова 6-с кылаас оҕолорун кытта Болугур үүнээйилэриттэн, ону тэӊэ Пестерева Эльвира Васильевна спонсордаабыт ыӊырыа буоскатыттан оӊоһуллубут маастарын 100 иһиккэ алгыстаан бэлэмнээтилэр. Бу аахсыйаҕа Ульяна Ивановна Иванова салайааччылаах «Эбээ оскуолата» диэн түмсүү эбэлэрэ кэлэннэр күүс -көмө буоллулар.

 

Ити курдук улууспут “Амарах сүрэх” уопсастыбаннай хамсааһын ыытар үлэтигэр кыттыһан, дьоммут этэӊӊэ эргиллэн кэлэллэрин туһугар бары биир санаалаах бу үлэлэргэ кыттабыт уонна атын оскуолалары эмиэ ыҥырабыт”, — диэн оскуола историяҕа учуутала Евгения Местникова сырдатар.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше