Болугур ыччаттара Мандар Ууска ыалдьыттаатылар

Болугур орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Петров Айтал, Корнилов Дамир, Константинов Вася, Егоров Кеша, учууталлар Пахомова Надежда Валерьевна, Кожурова Сахаяна Юдовна уонна ыччат Березкин Айаал Егорович нэһилиэкпит Ытык сүбэтин салайааччыта, норуот маастара Устинов Степан Прокопьевич салалтатынан Таатта Баайаҕатыгар баран кэллибит. Сырыыбыт сүрүн сыалынан оҕолорбутун ыччаттарбытын саха норуота ытыктыыр, сүгүрүйэр киһибит Борис Федорович Неустроевтыын — Мандар Уустуун көрсүһүннэрии, кини ыллыктаах тылын-өһүн иһитиннэрии, уус кыһатын, түмэли көрдөрүү буолла.

Айан төһө да уһун, сылаалаах буоллар, оҕолор Мандар Уустуун ирэ-хоро кэпсэтэн, киниттэн алгыс ылан, илиитин сылааһын иҥэринэн сүрдээҕин долгуйа үөрдүлэр. Делегацияны Баайаҕа нэһилиэгин түмэлин, уус кыһатын бары үлэһиттэрэ, оскуола учууталлара  олус сылаастык көрүстүлэр. Нэһилиэкпитигэр  норуот маастара Степан Устинов тэрийбит уус кыһатыгар оҕолору, ыччаттары дьарыктыырыгар бу сырыы улахан көмө буолуо диэн эрэнэбит. Оҕолор уус кыһатыгар бастакы холонууларынан, улуустааҕы «Дьөһөгөй» бырайыак иһинэн сылгыга сыһыаннаах тэрили оҥоруу буолуоҕа. Бу сырыыбытын өйөөн, бензининэн, транспорынан хааччыйбыт нэһилиэкпит дьаһалтатыгар, М.А.Ноговицын аатынан култуура киинигэр, сыыдам, сымнаҕас сырыылаах суоппарбытыгар  Андрей Семеновка  махтанабыт.

Сахаяна Кожурова.

Читайте дальше