Сахалар идэһэ күнүн туохтааҕар да күндүтүк кэтэһэбит. Боло Күүлэкээнтэн төрүттээх, кулун атах култууралаах, үтүө үлэһит дьонноох Болугур нэһилиэгэ, Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, сылын аайы ыытыллар «Идэһэ 2023» атыы — эргиэн дьаарбаҥкатыгар үрдүк ситиһиилээхтик кытынныбыт.
Болугур нэһилиэгэ сыспай сиэллээҕи, хороҕор муостааҕы иитэн, тыа хаһаайыстыбатын сайыннара олорор биир улахан нэһилиэк. Ол сиэринэн “Идэһэ” атыы — эргиэн дьаарбаҥкатыгар КФХ-ларбыт: Ю.Д. Дьячковскай, В.В. Марков, М.Н. Генерова, О.М. Яковлева, ЛПХ-лар Т.Г. Сибиряков, А.В. Седалищев, «БОЛУГУР» ТХПК кытыннылар.
КФХ-лар икки ардыларыгар КФХ Василий Марков II миэстэ буолан, «Болугур» тыа хаһаайыстыбатын производственнай кооператива атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар l миэстэ ылан үөрүүбүт үксээбитэ. Идэһэ, бырааһынньыгар араас күрэхтэһиилэр ыытыллаллар. Ол курдук, балаһыанньа быһыытынан идэһэ күн нэһилиэктэр таһырдьа атыылыыр сирдэрин эмиэ туспа киэргэтэн оҥоруохтаахтар, Биһиги манна бэйэбит нэһилиэкпитигэр олорон ааспыт сүөһүнү — сылгыны дэлэйдик ииппит былыргы сис баай ыал атыы -эргиэн дьаарбаҥкатыгар киирбитин көрдөрдүбүт. Нэһилиэк аҕа баһылыктарын икки ардыларыгар тоҥ быар, хаһа кыһааһынын күрэҕэр Болугур аҕа баһылыга Петров Андрей Никитич l миэстэни ылан, канат тардыһыытыгар l миэстэ буолан уонна кутурук, туйах сүлүүтүгэр ситиһиилээхтик кыттан үөрүүбүт муҥура суох. Сэдэх бүлүүдэ күрэҕэ бырааһынньыкпытын киэргэттэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын көрсө нэһилиэктэр бары ох курдук оҥостон киирдилэр. Төрүт түөлбэбит историятын, кулун атах култуурабытын сырдатан «Үйэлэри уҥуордаан» диэн сиэдэрэй оҥоһуулаах бүлүүдэбитин билиһиннэрэн, дьүүллүүр сүбэни, ыалдьыттары арыылаах алаадьынан, кымыһынан күндүлээн көмүскээтибит. Бу сиэдэрэй бүлүүдэбитин М.А. Ноговицын аатынан култуура киинин үлэһиттэрэ, «Күбэйэ» дьахталлар түмсүүлэрэ (женсовет) чуолаан нэһилиэкпит элбэх оҕолоох ийэтэ Петрова Наталья Гаврильевна, сиэдэрэйдик киэргэтэн оҥордулар.
Бүлүүдэбитин билиһиннэрэр буоллахха, 1976-1985 с.с. Анатолий Гоголев салайааччылаах экспедиция Болугур — Сырдык сириттэн, 13-14 үйэлэргэ олоро сылдьыбыт сахалар малларын-салларын булбуттара. Кулун атах култуурата, Сахалар култууралара мантан саҕаланар диэн туоһулаабыттара. Бу кэминээҕи уйгу-быйаҥ чорооммутун араас аһынан- эт, үрүҥ ас, балык, тоҥ быар, хаһа, бурдук ас, сир аһын арааһынан толорон киэргэттибит. «Идэһэ 2023» атыы — эргиэн дьаарбаҥка бырааһынньыгар Болугур нэһилиэгэ бочуоттаах II миэстэни ылан үөрүү үктэллээх кэллибит.
Маны сэргэ туруу үлэһит дьоммутугар үрдүк наҕараадалар туттарылланнар үөрүүбүт икки бүк үрдээтэ: Кожуров Михаил Михайлович, Христофорова Ирина Павловна тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Махтал суруктарынан, Ксенофонтов Владимир Петрович министиэристибэ Бочуотунай Грамотатынан, Потапова Любовь Вячеславовна, Афанасьев Егор Иванович улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын Бочуотунай грамотатынан, Максимов Гаврил Петрович, Ефремов Алексей Петрович управление Махтал суруктарынан, сайыҥҥы үүт ыаһынын күрэҕэр 3 миэстэлээх Готовцева Туяра Афанасьевна «Бастыҥ ыанньыксыт», Гермогенов Петр Петрович «Бастыҥ тракторист — механизатор», Марков Василий Викторович «Амма улууһун сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин» наҕараадалары туттулар. Наҕараадаламмыт дьоммутугар истиҥ эҕэрдэ буолуохтун. Тэрийсибит дьоммутугар, массыынанан көмөлөспүт тэрилтэлэрбитигэр, суоппардарбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Санаабыккыт сатанан, туппуккут тупсан, оҥорбуккут олохтонон иһиэхтин, куруук ситиһиилээх, дьоллоох буолуҥ.
Евдокия ПЛАТОНОВА.