Болугурга- Аҕа сыла биллэриллиннэ

Болугур нэһилиэгэр быйылгы сылы өрө көтөҕүллүүнэн астылар. Нэһилиэккэ Аҕа сыла биллэриллинэ.

Быйыл  Арассыыйаҕа  Дьиэ кэргэн, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Амма улууһугар Олоҥхо, онтон  Болугур нэһилиэгэр Аҕа сылларын үөрүүлээхтик арыйыы тэрээһинэ ыытыллынна. Тэрээһиммит олус сэргэхтик барда. Ол курдук бу күн  нэһилиэк дьоно — сэргэтэ, быйыл Аммабытыгар Олоҥхо ыһыаҕа ыытылларынан, онно бэлэмнэнии чэрчитинэн сахалыы таҥас кэтэн кэллилэр.

Кэлбит дьон нэһилиэк норуотун маастардарын, уран тарбахтаахтарын быыстапкалара турбутун бэркэ сэргии көрдүлэр. Алгысчыт Владимир Тимофеев арчылаан, дойдубут амтаннаах чэйинэн, арыылаах алаадьынан айах тутан, өрөгөйдөөх Оһуохайынан сылбытын астыбыт.

Нэһилиэкпитигэр Аҕа сылын биллэрэн, баһылыкпыт Андрей Петров эҕэрдэ тылы эттэ, тэрилтэлэргэ сыл бэлиэлэрин туттарда. Бигэ туруктаах, чэбдик олохтоох, айыы сиэрдээх дьиэ кэргэн — омук кэскилэ. Ийэ кут, Ийэ өй, Ийэ тыл сүдү күүстэрин муҥутуур чыпчаала — Олоҥхо! Олоҥхобут сылыгар бары түмсүүлээх буолуоҕуҥ диэн санаалаах бу тэрээһиммит түмүктэннэ.

Евдокия ПЛАТОНОВА

Читайте дальше