Нэһилиэкпит олохтоох дьаһалтата, култуура киинэ, түөлбэлэр, түмсүүлэр күүстээх үлэлэринэн олохпут тэтимнээхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик баран иһэр. Болугур нэһилиэгэр аҕам саастаахтар декадалара куруутун да тэрээһиннээхтик, түмсүүлээхтик ыытыллар. «Көмүс саас күһүнэ» диэн декада эмиэ сэргэхтик ыытыллан түмүктэннэ.
Декада кэмигэр араас интэриэһинэй тэрээһиннэр буолан аастылар. Ол курдук олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн «Зоя хатыҥнара» аахсыйа сыллата тэриллэр. Бу аахсыйаҕа нэһилиэк түөлбэлэрин аҕам саастаах дьонугар хатыҥ киллэрэн олордобут. Быйыл 12 ыалга киллэрилиннэ.
Маны сэргэ декада кэмигэр Ульяна Иванова салайааччылаах «Арчылаана» эбэлэр түмсүүлэрэ айылҕа бэлэҕиттэн бэйэ чэйин бэлэмнии айылҕаҕа экологическай туур тэрийэр. Бу туур түмүгэр хомуллубут “Эбээ чэйэ” байыаннай дьыалаҕа сылдьар уолаттарбыт дьиэ кэргэннэригэр бэлэх ууннулар.
Олохтоох учаастактааҕы балыыһа үлэһиттэрэ «Чэгиэн турук» диэн нэһилиэк аҕам саастаах дьон доруобуйаларын дьиэлэринэн сылдьан көрдүлэр — иһиттилэр, сүбэ — ама биэрдилэр. Нэһилиэк бибилэтиэкэтэ уонна бэтэрээннэрин сэбиэтэ, оскуола үрдүкү сүһүөҕүн оҕолорун кытта «Тупса тур, үүнэ тур үлэттэн» диэн көлүөнэ көрсүһүүтүн тэрийдилэр.
Оксана Ефремова салайааччылаах «Чөмчүүк» түмсүү «Амсат эрэ чэйгиттэн» диэн эриэккэс, сэдэх чаайынай сервиз быыстапкатын, чэй арааһын оҥорон тэрээһини киэргэттилэр.
Дьэ уонна декаданы түмүктүүр тэрээһининэн нэһилиэк түөлбэлэрин икки ардыларыгар «Супер бабушка» диэн күөн – күрэс буолла. Тэрээһини нэһилиэк аҕа баһылыгын солбуйааччыта Раиса Софронова, нэһилиэк кырдьаҕастарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Надежда Кондакова эҕэрдэ тылларынан астылар. Күрэхпитигэр 6 түөлбэ эйэҕэс эбэлэрэ кыттыыны ылан, олус сэргэхтик ааста. Түмүккэ 1 миэстэни «Кэскил» түөлбэттэн Мартынова Раиса Ивановна ылла. Иккис миэстэҕэ «Үрүйэ» түөлбэттэн Окорокова Ульяна Егоровна, үһүс миэстэҕэ «Кырдал» түөлбэттэн Максимова Екатерина Семеновна таҕыстылар. Ситиһиилээхтик кыттыыны ылбыт «Кустук» түөлбэттэн Филиппова Аграфена Петровна, «Мичил» түөлбэттэн Карпова Марианна Афанасьевна, «Сайдыы» түөлбэттэн Кожурова Маизо Михайловнаҕа махталбытын тиэрдэбит. Бары кыттааччыларбыт бары да кэрэлэр, талааннаахтар. Эбэлэрбит бэйэни билиһиннэриигэ күһүҥҥү уобарас оҥорон, талааннарын арыйан, ас минньигэһин астаан уонна истиил муоданы талан көрдөрдүлэр. Ону тэҥэ түөлбэ дьоно кыттар эбэлэрин «Группа поддержки» диэн туспа түһүмэҕинэн киллэрэн күрэхпит өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста.
Киһи олоҕун бэйэтэ киэргэтэр сиэркилэ буолар. Кэрэтик аҕамсыйара, муударайдык сааһырара бэйэтиттэн тутулуктаах. Айар куттаах айымньы курдук баай ис хоһоонноох кинигэ буолан олорбут олоххут чиргил туруктаах, уран уйулҕалаах буола силигилээн, кэлэр көлүөнэҕэ тус бэйэҕит үтүө холобур буоларгытыттан махтанабыт. Чугас дьоҥҥут сылаас сыһыаннарыгар угуттанан, дьоллоохтук, этэҥҥэ олоруҥ.
Евдокия ПЛАТОНОВА