Бэҕэһээ “бассаапка” Болугур олохтооҕо Ньургун Гольдеров көлүччэтигэр кус-хаас халыҥ үөрэ ый-хай бөҕөтүн түһэрэ сылдьалларын устубуттара тарҕанна. Дьыл баччатыгар, сорох баҕыырданан анньыыланан муҥхалаары, муус ылаары түбүгүрэ сылдьар кэмигэр айан куһа барымына Болугурга чаардаабытын көрөр соһуччу буолла. Гольдеров иитэр куһа оччо айылаах хойдубут буоллаҕа дуу диэн сонурҕаан эрийэн билсэ сырыттыбыт.
Ньургун Баһылайабыс таһырдьа ону-маны үлэлээн кучу-мачы гына сылдьарыгар түбэстибит.
“… Киммин диигин? Хаһыат даа? Амма даа? Биидьик даа? Хайдах билбэккит, куһу ииппитим сүүрбэ сыла буолла! Саҥардыы өйдөннүгүт да ол?! Хойутуугу-уот, хойутуугут”, — туруупкаҕа дорообону батыһа хоруй оннугар ыйытыы быыһа суох кутуллар.
“Ээ, билэбин, кус иитэргин истибитим. Идэһэ бырааһынньыгар атыылааччыгын, аҕыйахта ылан амсайан турабын”, — диэн алы гынан, ыйытыылаах тиийбит киһи төттөрүтүн хоруйдааччы буолан хааллым.
Хардары-таары ыйыталаһан, хоруйдаһан баран, Ньургун Баһылайабыс быйыл айан куһуттан моонньоҕон, халба, көҕөн хойуутук биллибитин, кустарын бурдугунан, сыыс отунан аһатар буоланнар айан да кустара аараан арахпаттарын эттэ. Бэйэтэ иитэр “подсадной” куһа икки сүүстэн тахса буолбутун, сылыттан көрөн арыт элбиирин-аҕыйыырын туһунан иэйэн-куойан кэпсээн истэҕинэ “подсадной” кускун атыылаан төһө барыһыраҕын диэн ыйытааччы буолан “өллүм”.
“Аныгы дьон “барыс” эрэ туһунан толкуйдуугут. Тыа сиригэр туох да барыһа суох. Аҕыйаҕы атыылыыбын. Улахан харчыны киллэрбэт. Куһу мин бэйэм, “для души” иитэбин эбээт…”, — диэн Ньургун Баһылайабыс төлүтэ барда. Кырдьык, айылҕа кэрэтин, таптал имэҥин иэйэн-куойан хоһуйар хоһоонньут Баһылай-Ороһу Уола аҕалаах, Саргылаана-Саргы Куо балыстаах киһиттэн барыс туһунан сураһан кус-хаас тойугун туойбуппуттан кыбыста быһыытыйдым. Кырдьык, эр киһи санаата куруук тыаҕа, сиргэ-уокка буоллаҕа. Булт абылаҥар куттуун туттарбыт киһи куһу аны сааскы диэри түһээн эрэ көрөр буоллаҕына, төгүрүк сылы быһа куһу иитэр Ньургун Баһылайабыс хараҕын сымнатан сылаанньытар, дууһатын үөрдэр дьоллоох эр киһи диэтэҕиҥ!
Олег ЕГОРОВ