Бу буоллаҕа саха дьонун махтала, таптала, билиниитэ…

 Бэҕэһээ киэһэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү театрын тэрийиитинэн Сахабыт сирин киэн туттар саха оркестрын музыкана, «Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөх салайааччыта, СӨ үтүөлээх артыыһа, биир дойдулаахпыт Анна Томская үбүлүөйдээх айар түһүлгэтэ төрүт дорҕоон дьикти, кэрэ дьүрүскэнигэр, тыыннаах музыка ураты абыгар киллэрдэ.

Дьон, бэл, былыргы матыыптары харахтарын симэн олорон, турукка киирэн ахтылҕаннарын таһааран астына-дуоһуйа иһиттилэр. Маныаха саха оркестра, дирижер РФ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Николай Петров уонна «Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөҕө биир долгуҥҥа уйдараннар, биир сомоҕо буоланнар кэрэттэн кэрэ айымньылары үрдүк таһымҥа оонньоон бар дьон сүрэҕин абылаатылар. СӨ культуратын туйгуннара Руслан Габышев кыл кылыһахха, Вероника Лыткина хомуска «Хомус уонна кырыымпа» диэн Уйбаан Бөтүүнүскэй хоһоонугар истиҥ иэйиилээх дьүһүйүүлэрэ, ама, ханнык киһи сүрэҕин долгуппат буолуоҕай? СӨ үтүөлээх артыыстара Анна уонна Афанасий Томскайдар таҥсырга уонна баяҥҥа толорууларыгар Валерий Ноев ырыаларын матыыптарынан попурри дьоро киэһэ муҥутуур чыпчаала буолан, көрөөччүлэр ытыстарын үрдүгэр түһэрэн өргө диэри таһыннылар.

 

Маны таһынан Музыка колледжын фольклор салаатын уһуйааччылара СӨ үтүөлээх артыыһа Варвара Степанова-Арчыына, СӨ культуратын туйгуна Элеонора Соколова, Надежда Варламова-Надикан, Артур Семенов-Тоҥ Саха сахалыы былыргы ырыаларынан композициялара, куоластарын дэгэтэ, кылыһахтарын кэрэтэ барыбыт сүрэҕин абылаата. Дьоро киэһэни СӨ үтүөлээх артыыһа Александр Дьячковскай-Саарын, Алиса Долгунова ылбаҕай ырыаларынан, Үҥкүү театрын үҥкүүһүттэрэ, балет артыыстара уонна Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет «Уран» үҥкүү бөлөҕө киэргэттилэр. Төрүт дорҕоон тыаһыттан хас биирдии ырыа-тойук, үҥкүү-битии өссө киэркэйэр, сахалыы тыыннанар, дууһа кылын таарыйар. Онон саха төрүт дорҕоонун сөргүтүүгэ, үөрэтиигэ, музыка суруйан, нотаҕа түһэрэн үйэтитиигэ киэҥ далааһыннаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар Аммабыт мааны Далбарыгар Анна Ивановна Томскаяҕа бу киэһэ Афанасий Ноев, Андрей Борисов, Нюргуяна Илларионова, онтон да атыттар махтал бастыҥын анаатылар, эҕэрдэ эриэккэһин эттилэр.

Бу күн Анна Ивановна Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо үрдүк аатын сүктэ. Кэнсиэр бүппүтүн да кэнниттэн сүгүрүйээччилэрэ Анна Томскаяны сценаттан өргө диэри ыыппатылар. Бу буоллаҕа саха дьонун махтала, таптала, билиниитэ…

Вера ИВАНОВА