Бурдук былаана 98 бырыһыан туолан иһэр

Амма улууһугар бурдук хомуура түмүктэнэр биэтэгэр кэллэ. Бу күннэргэ үс хаһаайыстыба хомуур үлэтин 100 бырыһыан түмүктээтэ.

Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын кылаабынай агронома Николай Гаврильев иһитиннэрбитинэн, хомуур былаана алтынньы 2 күнүн туругунан 98 бырыһыан туолла. Ол эбэтэр  3595 гектартан 3841 тонна бурдук хомулунна.

«Хомуур үлэтин бу нэдиэлэҕэ түмүктүөхпүт. Күн бүгүн Строд аатынан, «Соморсун» хаһаайыстыбалар, «Наука» ХЭТ хомуур үлэтин түмүктээтилэр. Онтон «Амма» АУО былааннарын 93, «Болугур»  ТХПК 84, «Бөтүҥ» ТХПК 90 бырыһыан толорон иһэллэр. Үүнүү олус куһаҕана суох диэн этиэххэ наада. «Амма» АУо  эбиэһи гектартан 15центнери хомуйда. Онтон хаһаайыстыба ортотунан  туорахтаах култууратын гектартан 12,1 центнери ылла. «Болугур» ТХПК 10,1 цн, «Бөтүҥ» ТХПК 10 цн., «Абаҕа» ХЭТ  12, 8 цн. , «Соморсун» ТХПК 10, 3 цн., «Наука» ХЭТ 10,7 цн ыллылар. Алтынньы 2 күнүнэн уопсайа 3595 гектартан 3344,9 гектар хомулунна», — диэн Николай Степанович сырдатта.

«Амма олоҕо» хаһыат

Читайте дальше