Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениета анал график оҥорон үгэс быһыытынан улуус тэрилтэлэрэ бурдук тааралааһыҥҥа субуотунньукка тахсаллар. Күн-дьыл билиҥҥитэ “үлэлээҥ, кытаатыҥ” диэбиттии турар.
“ Биһиги Амма нэһилиэгиттэн «Кэнчээри» оҕо сайдар киинин 8 үлэһитэ сопхуоспут Вячеслав Владимирович Михайлов салайыытынан, Покровка сэлиэнньэтигэр тиийэн график быһыытынан субуотунньуктаатыбыт. Ол курдук уопсайа 650 куулу оҥорон кэллибит. Көмүс күһүн айылҕа муҥутаан тупсан турар кэмигэр,күн чаҕылыччы тыган үлэ-хамнас күөстүү оргуйда. Покровкаларга сэниэ эбэр сылаас минньигэс астарынан эбиэттэппиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит”, — диэн “Кэнчээри” уһуйаан үлэһиттэрэ санааларын тиэрдэллэр.
“Амма олоҕо” хаһыат