Бүгүн – суол хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнэ

Суол — олох хорук тымыра дэһэбит. Чахчы, суолтан-иистэн элбэх тыын суолталаах эйгэ быстыбат ситимнээх, туллубат тутулуктаах. Баарбыт барыта суол тымырдарынан тыргыллан кэлэр-барар. Онон суол үлэһиттэрэ – олоххо сайдыыны саҕар, хайан уһансар салаа үлэһиттэрэ дииргэ оруннаах.
Айан суолун тэҥэ улууспут киинигэр быйыл да, урукку да сылларга нэһилиэк иһинээҕи суол балайда оҥоһуллар. Атын улуустар ону бэркэ диэн бэлиэтии көрөллөр. Суол үлэһиттэрин күнүнэн Амма нэһилиэгин аҕа баһылыга Михаил Артемьевтан улууспут киинигэр суол өттүгэр төһө үлэ барбытын, бара турарын уонна барыаҕын туһунан сурастыбыт:

Суолу оҥорууга үлэ сыл аайы барар. Ааспыт сылтан Цыкунов уулуссатын бетоннуур үлэ саҕаламмыта. Бу ыйга бүтүөхтээх. Былырын бастакы этабыгар Цыкунов уулусса Ленин уулуссатыттан Курашову кытары быысаһар сиригэр диэри бетоннаммыта. Быйыл Курашовы кытары быһа охсуһууттан Амматааҕы РЭС хонтуоратыгар диэри тиийэ бетон кутулунна. Бу уулусса уһуна 800 миэтэрэ. Бэдэрээти Николай Алексеев ылан бэйэбит уолаттарбыт аммалар үлэлээтилэр. Ону сэргэ, Курашов уулуссаны алааһы туоратан Короленко уулуссаҕа таһаардыбыт. Хас да ууну аһардар турбалардаах, улахан кутуу суол буолла. Салгыы итиннэ дьон сылдьар тротуара оҥоһуллуоҕа уонна гравийы кутуллуоҕа. Мантыбыт быһа холоон 500-чэ миэтэрэ уһуннаах суол. Инникитин суолу бетоннааһын барыаҕа. Бастатан туран К.Алексеев уонна Лобанов уулуссаларын бетоннууру туруорсуохпут. Нэһилиэкпитигэр ойоҕос уулуссалары ааҕан туран уопсайа 67 уулусса баар. Уулуссаларбыт уһуна холбоон 70 килэмиэтир. Мантан, күн бүгүн 11 килэмиэтирэ бетоннанан турар. Онон салгыы үлэ элбэх”.

 

Михаил Алексеевич күн тура-тура уруулу кытары тустан хадьыктаһар суоппардарга суолта ууран сквер тута сылдьалларын кэпсээтэ. “Маннык гыныахха, оннук оҥоруохха” диэн баҕа санааны ииппиттэрэ быданнаабыт эбит. Тыл көтөҕөн ити толкуйу күөдьүппүт дьон – Николай Алексеев уонна Николай Акимов эбиттэр. Инньэ гынан ааспыт сылга олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагырааммаҕа бырайыактара кыайан, үбүлэнэн Аммаҕа киириигэ “Слобода” сурук диэки тутулла турар.

“Сквербитигэр өр сылларга үлэлээбит, наҕарадалаах суоппардарбытын үйэтитэр стендэлээх буолуоҕа. Дьиҥинэн, Амма нэһилиэгин бырайыага буоларын быһыытынан, нэһилиэк эрэ суоппардарын киллэрээри гыммыппыт. Ону суоппар уолаттар улуус суоппардарын бүтүннүү киллэриэҕиҥ диэн этии киллэрбиттэрин ылыммыппыт. Улуус бары нэһилиэктэрин баһылыктарыгар туйгун суоппардаргыт испииһэгин ыытыҥ диэн көрдөспүппүт. Сквербитигэр Аммаҕа киириигэ туруоҕа, уһун айаҥҥа барар-кэлэр суоппардар тохтоон сынньанан ааһар сирдээх буолуохтара”.

Михаил Алексеевич кэпсээнин түмүгэр суол үлэһиттэригэр уонна суоппардарга эҕэрдэтин тириэртэ:

“Суол хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин уонна суоппардары аналлаах бырааһынньыктарынан истиҥ эҕэрдэбин этэбин. Суолу тутааччы да суоппар да идэтин ылбычча талан ылбаттар. Элбэх эрэйдээх-мускуурдаах, сылаалаах идэ буоллаҕа. Онон, бу эйгэҕэ чахчы тулуурдаах, дьулуурдаах дьон үлэлиир. Көнө, сырдык, ыраас суолу баҕарабын!”.

Олег ЕГОРОВ

Читайте дальше