СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев көҕүлээбит «Рисуем все» нэһилиэктэри сомоҕолуур бырайыак тэрээһинэ Болугурга үрдүк таһымҥа ыытылынна. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ 11 дьиэ кэргэн мустан «Дьиэ кэргэним сөбүлүүр дьарыга», «Дьоллоох оҕо саас» уруһуй аахсыйаҕа кытыннылар.
Нэһилиэкпит бары тэрилтэлэрэ «Кулун атах култуурата — өбүгэ быстыбат ситимэ» бырайыак чэрчитинэн уруһуйдаан туттардылар.
Амма-Наахара нэһилиэгэр символы салгыы туттардыбыт.
Бу бырайыак сыала — кэлэр көлүөнэ ыччаты кэрэҕэ уһуйуу, оҕону бары өртүнэн сайыннарыы буолар. Бырайыак эстафетата 2023 сылтан бүтүн өрөспүүбүлүкэ устун барар, кубога улуустан-улууска айанныыр. Эстафета түмүгэр М.Е. Николаев фондатыгар хас биирдии нэһилиэк уруһуйга уһуйар үлэтэ түмүллэн альбомнар буолан туттарыллаллар.