Бырайыак иккис этаба саҕаланна

Норуот суруйааччыта В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан кииннэммит бибилэтиэкэҕэ “Үлэ аргыстаах эдэр саас” (“Моя трудовая молодость” ) бырайыак бастакы этабын түмүктүүр, иккис этабын саҕалыыр тэрээһин ыытылынна. Бырайыагы аан бастакыттан өйөөбүт, кэҥииригэр кыаҕы биэрбит улуус баһылыга Николай Архипов буолар. Онон бу тэрээһин кини сырдык аатын кытта ыкса сибээстээх барбыта ураты долгутуулаах буолла.
Алтан нэһилиэгин көхтөөх далбардара Наталья Борисова уонна Римма Дьячковская биир сүбэнэн ааспыт 20-с үйэ ыччаттарын көхтөөх үлэтин 4 көлүөнэни хабан “Үлэ аргыстаах эдэр саас” (“Моя трудовая молодость”) диэн бырайыак саҕалаабыттара. Бастаан бэйэлэрин нэһилиэктэрин эрэ иһигэр оҥорор былаан баара. Ол эрээри бу үйэлээх үлэ буоларын, манна улуус барыта кыттыан наада диэн өйдөөн улуус баһылыгар Николай Архиповка этиилээх киирэн өйөбүлү ылбыттара. Онон бу бырайыак салгыы өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсарыгар Николай Архипович оруола улахан диэн, бырайыак бастакы түһүмэҕэ түмүктэнэн, иккис кэрдииһигэр киирэр тэрээһинин баһылык сырдык аатыгар анаан туран ыыттылар.

Бу бырайыагы улууспутун сэттэ сыл устата таһаарыылаахтык салайбыт Николай Архипович Архипов өйөөн кини аата тэҥҥэ ааттана сылдьар. Үлэни аан бастакыттан Алтантан Наталья Васильевна Борисова уонна Римма Николаевна Дьячковская саҕалаабыттара. Онтон Оксана Ивановна Архипова салайааччылаах “Арассыыйа ийэлэрэ” диэн биир саамай көхтөөх уопсастыбаннай хамсааһын Амматааҕы салаата тэбис тэҥҥэ ылсан үлэлии сылдьаллар. Күн бүгүн 700-тэн тахса киһи уһулунна. Манна эйгэни барытын хабан оҥорон наардаан түмэллэр. Ол курдук култуура, үөрэх, доруобуйа харыстабыла, тыа хаһаайыстыбата, спорт, предпринимательства, наука эйгэлэригэр араас кэмҥэ үлэлээбит дьон ол кэмнэрин наһаа үчүгэйдик ахтан-санаан ааспыттара. Бу туһунан бырайыак куратора Галина Афанасьевна Бочугурова иһитиннэрдэ. Билигин салгыы иккис этаппыт өрөспүүбүлүкэҕэ тахсарга бэлэм. Манна биһиги “Саха” көрдөрөр иһитиннэрэр хампаанньабытын кытта кэпсэтэн, балаҕан ыйыгар киирэн бар дьоҥҥо билиһиннэриэхтээхпит. Ону кытта өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай палататын кытта эмиэ кэпсэтии баран “төгүрүк остуол” тэриллиэхтээх. Онтон түмүктүүр түһүмэхпитин быйыл Үлэ сылын сабыллыытыгар ыытан  бырайыагы бар дьоммутугар сүрэхтиэхтээхпит”, — диэн Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Нюргуяна Илларионова билиһиннэрдэ.

Бу тэрээһиҥҥэ санааларын үллэстибит дьон бырайыак олус наадалааҕын, бу биир киһи эрэ дьылҕата буолбакка, бүтүн көлүөнэ олоҕо буоларын бэлиэтээтилэр.

 

Баһылыкпыт Николай Архипович үлэлээн ааспыт кэмигэр үтүө дьайыыта үгүс. Онтон биирдэстэрэ бу бырайыак буолар. Кини биһиэнин өссө кэҥэтэн биэрбитэ. Бырайыакпытыгар үлэлии сылдьан Амма дьон түмсүүлээҕин, ким да кэпсииртэн аккаастамматыттан биһиги наһаа үөрэбит уонна махтанабыт. Ким да туора турбата. Бу бырайыакка дьон “наадалаах” диэн түмсэр. Ол буолар кини суолтата. “Мин” диэн буолбакка “биһиги көлүөнэ” диэн кэпсииллэр”, — диэн бырайыак ааптара Наталья Борисова этэр.

Иккис түһүмэх саҕаламмытын бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ бэйэлэрин санааларын улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Софья Александрова, “Арассыыйа ийэлэрэ” , улуус дьаһалтатын социальнай бэлиитикэ уонна ыччат дьыалаларыгар управление салайааччыта Саргылана Неустроева, улуус баһылыгын сүбэһитэ Александра Шестакова,  меценат, урбаанньыт Людмила Куприянова , нолуок сулууспатын бэтэрээнэ Анна Александрова, спорт уонна профсоюзнай үлэ бэтэрээнэ Николай Гурьев, учуутал, «Арассыыйа ийэлэрэ» хамсааһын көхтөөх чилиэнэ Матрена Карманова, Бөтүҥтэн эмиэ хамсааһын чилиэнэ Серафима Яковлева  үллэһиннилэр. Кэпсэтиини, санаа атастаһыытын уопсастыбаннай хамсааһын Амма улууһугар салаатын салайааччыта Оксана Архипова салайан ыытта.

 

Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше