Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа кыттыстылар

Амма улууһугар СӨ экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур  хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Дьулустан Хон оробуочай бөлөҕүн кытта үлэлээтэ. Үлэ былааныгар “Вода России” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа кыттыһан Кириэстээх үрэхтэн саҕалаан Амма өрүс биэрэгин ыраастааһын ыытылынна. Аахсыйаҕа сүүсчэкэ киһи кыттыыны ылла. Ол иһигэр Амма улууһун ойуурун хаһаайыстыбатыттан 50-ча киһи үлэлээтэ.

Бу аахсыйа сылын аайы ыытыллар. Биһиги тэрилтэбит онно куруутун кыттар. Быйыл кыттааччы ахсаана элбэх. Ол курдук улуус дьаһалтатыттан, министиэристибэ оробуочай бөлөҕө, ойуур авиация отделениетыттан, ГАУ “Центрлес” тэрилтэттэн, экология инспекциятыттан уонна Чапчылҕан нэһилиэгиттэн  бааллар. Уопсайа сүүсчэкэ киһи кытынна диэххэ сөп. Субуотунньук Амма өрүскэ кэлэн түһэр Кириэстээх үрэх тамаҕыттан саҕаланан Кыыс Амма скверигэр тиийэ буолла.  Онно сылдьан көрдөххө, сыллата дьон айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллара үрдүүр эбит диэн бэлиэтии көрдүбүт уонна онтон үөрэбит. Аахсыйа өрөспүүбүлүкэ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Дьулустан Иванович Хон салайан ыытта”, — диэн Амма улууһун ойуурун хаһаайыстыбатын салайааччыта Николай Иванов билиһиннэрдэ.

Бу күн атын нэһилиэктэргэ эмиэ Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа кыттыстылар. Айылҕабытын чөл туттахпытына эрэ, кини биһигини үөрдэ, кэрэтинэн кэрэхсэтэ туруо буоллаҕа.

«Амма олоҕо» хаһыат